Мординов Авксентий Егорович

Мординов Авксентий Егорович - Саха сиригэр үнүбэрсиэти төрүттээбит, арыйбыт киһи.

Бэйэтин этиилэрэ

уларыт
  •  

...национальнай тылларга киирэр нуучча тыла-өһө уонна атын тыллар тыллара-өстөрө сытыарытык-сымнаҕастык киириэхтээх, кинилэр уратыларын, үйэлэр тухары үөскээбит сиэрдэрин унна нуормаларын алдьаппакка байытыахтаах.

  — Некоторые вопросы развития младописьменных языков народов СССР // Большевик (теоретический и политический журнал ЦК ВКП (б)), №8, апрель 1951. Москва //... принимаемые в национальные языки русские слова и слова других языков должны входить в них органически, обогащать их, не ломая специфики, веками выработанных правил и норм.
  •  

...икки таба суруйуу систиэмэтэ: биирэ - тыл бэйэтин тылыгар-өһүгэр уонна былыр киирбит тылларга сыһыаннаах, иккиһэ - саҥа киирэр тылларга сыһыаннаах, - биир тылга баар буолара сатаммат.

  — Невозможно, чтобы на одном и том же языке существовали две системы орфографии: одна - для слов самого языка, а также для слов давно заимствованных, и другая - для вновь принимаемых. "Вопросы философии" сурунаал, №3(11), 1950, Москва
  •  

Үйэкэм тухары
Үлэлии сатыырым,
Сахалыы саҥаран
Санаабын этэрим.

Төрөөбүт дойдум
Төлкөтүн саныырым,
Үөскээбит ыччатын
Үөрэтэр буоларым.

Мин үҥэр таҥарам –
Мин сахам аймаҕа
Бырастыы, бырастыы,
Букатын бырастыы…

  — 1989, Прокопий Иванов Норуотун үҥэр таҥара оҥостон ыстатыйатыттан ылылынна

Эстетические взгляды А.Е.Мординова:

  • “Новое в искусстве- не всегда новое в жизни, но всегда по-новому увиденная жизнь”
  • “Читатель, глядя на волшебное зеркало литературы, жаждет увидет себя в нем не только таким, каким он был недавно и каков есть сегодня, но и таким, каким выглядит сейчас и каким будет завтра”
  • “Художественная литература- это не только “человековедение”, но и история, пропущенная через человека, и обществоведение особого оклада, и правда о жизни того или иного народа, и даже, если хотите, природоведение в его эстетическом и этическом аспектах”
  • “Талант работает на время, на литературу, на народ, а не на налаживание добрых отношений с влиятельными людьми”
  • “В литературе не должно быть соревнования. Состязаются, конкурируют только ремесленники. Подлинные художники не конкурируют. И это показывает вся история искусств, история литературы”
  • “Бесконечно обедняется наше представление о современной литературе, если ограничивать ее только одним, строго определенным в своих хронологических рамках, сиюминутным жизненным материалом”
  • “Поэзия- это не поэтичность, поэзия- это чувство особенного существования, это страсть сознания! Поэзия- в душу попавший осколок разбитого заркала гармонии, это иносказание страсти свободы. В этом плане поэзия сродни философии”.


А.Е. Мординов төрөөбүт тыл туһунан этиилэрэ:

  • “Төрөөбүт тылы таптааһын төрөөбүт норуоту таптааһыны, киниэхэ ис сүрэхтэн бэриниилээх буолууну кытта быстыспат ситимнээх”
  • “Хайа да норуот бэйэтин культуратын атын омук тылынан, бэйэ тылын тэпсэн туран, үөскэппитэ, сайыннарбыта историяҕа суох”
  • “Төрөөбүт тыл норуот үйэттэн үйэлэр тухары муспут өйүн-санаатын, культуратын, үлэтин-хамнаһын, ырыатын-хоһоонун, майгытын-сигилитин, муудараһын түмүгэ буолар”
  • “Аан дойдуга төрөөбүт тыла суох норуот диэн суох, баар буолуон да сатаммат”
  • “Норуот олоҕо уонна культурата үрдээһинин кини тылын байыыта, сайдыыта туоһулуур”

Кини туһунан этиилэр

уларыт
  •  

Ол муна-тэнэ сылдьан хата Авксентий Егорович Мординовы кытта ыкса билсибитим. Кини научнай коммунизм кафедратын сэбиэдиссэйэ этэ. Киниттэн ылбыт үөрэҕим - хайдах да балаһыанньага дьону кытта иирсимэ, этиһимэ, аахсыма... кинилэри суох курдук санаан кэбис диэн этэ.

  Бравина Розалия Иннокентьевна
  •  

Биирдэ үбүлүөйүн кэнниттэн эттэ: Көр миигин хайдах да хайгыахтарын билбэтилэр. Оннооҕор лектор быһыытынан куоласпын хайҕаатылар. Мин араадьыйанан бэйэм саҥабын истэбин ээ - сүһүөҕэ, сэниэтэ суох саҥа, онон ити хайгыылларын аҥаар кырыытыттан ылыммат ордук.

  Бравина Розалия Иннокентьевна

Халыып:Омоон Халыып:Unicode