Мохначевская Мария Васильевна

Мохначевская Мария Васильевна - саха муусука үнүстүрүмүөннэрин оҥорооччу, мусукаан, кэргэнинээн Василий Авксентьевич Мохначевскайдыын Бэрдьигэстээххэ муусука үнүстүрүмүөнүн оҥорор мастарыскыайы төрүттээбитэ.

  •  

Биһиги музыкальнай үнүстүрүмүөннэргэ айар үлэбитин Эллэй "Чурум-Чурумчуку" диэн поэматынан Александра Егоровна режиссердаан туруорбут пьесата олук уурсубута. Арай декорациялары, көстүүмнэри, атрибуткалары оҥорон бүтэн, оонньоон көрөн баран: "Бэйи эрэ туох эрэ,тыас-уус наада эбит буолбат дуо?" - дэһэн Баһылайбынаан хомуһу туһанныбыт, онно да сөпсөспөккө,толкуйдаан-толкуйдаан кырыымпа оҥоро оҕустубут... Дьэ, бу пьесабытынан Бүлүү эҥэр 4 оройуон тыйаатырдарын улахан көрүүтүгэр ыыттылар... бэркэ табыллан оонньоон, көрөөччүлэргэ биһирэтэн, бастакы миэстэҕэ тиксэн, дойдубутугар үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан тоҥорбутун, нэксиэбитин да билбэккэ, айаннатан кэллэхпит үһү. Мантан эрдийэн кырыымпабытын Баһылайым улам сайыннаран, ылсан барбыта, күнтэн күн аайы маһы кытта тустан, бэрт боростуой үнүстүрүмүөннэринэн туттан, күөнүн улаатыннаран, тыаһын тупсаран, нөҥүө сылбытыгар уонча киһилээх ырыаһыттардаах Магадаан куоракка Дальнай Восток уонна Сибиир норуоттарын ускуустубатын Күннэригэр лауреат аатын ылан, улахан ситиһиилэнэ кэлбиппит. "Кыым" хаһыакка ким эрэ "Горнайдар маһы ыллаппыттар" диэн ыстатыйата тахсыбыта.
Мантан өссө санаабыт көтөҕүллэн, аҥардас кырыымпанан дуоһуйумуна, Марк Жирков кинигэтин булан, өрөспүүбүлүкэ маастардарын кытта билсэн, үөрэтэн, араас көрүҥнээх, араастаан тыаһыыр, оонньуур үнүстүрүмүөннэри оҥорон барбыппыт...

  — Олоҕум аргыһынаан Баһылайбынаан. М. Мохначевская, "Үлэ күүһэ" хаһыат, 1999.07.17, // Маһы ыллаппыт Мохначевскайдар. Хомуйан таһаарааччылар Алексеев В.И., Пономарева Е.А., Бэрдьигэстээх, 2016, с.25-28