Муннугар Үөннээх Тыһы Чаппаалыха эмээхсин

Муннугар Үөннээх Тыһы Чаппаалыха эмээхсин

Аан ийэ дойдутун аҥардастыы арҕаран ыллаабыт, күнүн сирин дьонун көмүс күөмэйинэн күндүлээн көччүппүт, бэйэтин кэмигэр ыраах сирдэргэ тиийэ сураҕырбыт, эмиэ ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьан, олоҥхолоон аххан онолуйбут, ыллаан-туойан аххан ыҥсалаппыт Муннугар Үөннээх Тыһы Чаппаалыха эмээхсин - Федосия Егорова, удаҕанныгы дьахтар, Чымынаайыга кийиит буолан олорон ааспыта. Чаппаалыха эмээхсин төрөөбүт-үөскээбит сирэ II-с Алдан нэһилиэгэ. Маалыһаптар кыыстара сурахтааҕа. Баста- кы эрэ «Мас Аппаҕа» олохтоох Чаппалаап диэн киһи эбитэ үһү. Онон сэдиптээн Чаппаалыха эмээхсин диэн судуру ааттыыр буолтар.Эр киһилии наһаа бөдөҥ, сөҥ, дэгиттэр уларыта, сылдьан ыллыыр сэдэх куоластааҕа. Чаппаалыха эмээхсин «Ытык Нуоҕай», «Кыыс Кыскыйдаан» у.д.а. хас да олоҥхону олоҥхолуура үһү диэн кэпсииллэрэ, көннөрү былыргы сахалыы ырыалары-тойуктары эмиэ ыллыыра, алгыһы-силиги да билбэхтэһэрэ, удаҕан курдук кутуран, мэнэрийэн, ыарыһахтары да кистээн эмтиирэ үһү. Биирдэ Чаппаалыха эмээхсин Дьиэбэгэнэҕэ олохтоох Маалыкыс диэн сүдү олоҥхоһукка баран, үс хонук устата «Ытык Нуоҕай» диэн олоҥхону олоҥхолообут, эмээхсин абааһы уолун ырыа- тын, оттон Маалыкыс айыы уола бухатыыр буолан ыллаабыттар. Олоҥхолоон бүппүттэрин кэннэ эмээхсин: «Оттон эр киһи эрэ буо- лаҥҥын үрдүкү буоллуҥ ини», - диэн соччо астымматах курдук эппит үһү. Ити кэнниттэн Чаппаалыха эмээхсин аатырар Tуһалыыр Лөгөнтөй олоҥхоһут Аммаҕа, «Үрүҥ Хайаҕа» кэлэ сылдьа- рын көрсөн, эмиэ үс хонук устата атах тэпсэн олорон куоталаһан олоҥхолообуттарын туһунан кэпсииллэр. Мэҥэ Алдан аатырар олоҥхоһута Ырыа Харлаампый (Қолодезников) Чымынаайыга кэлэн бинр ыалга хоно сытан: «Чаппаалыха эмээхсин манна кэлэн олоҥхолоһуо этэ дуо?» - диэн илдьиттээбит. Онуоха Чаппаалыха эмээхсин: «Дьахтар хаһан да эр киһини бастакынан экки- рэтиһиэ суохтаах, онон кини эр киһи буоларын быһыытынан, наадыйар буоллаҕына, миэхэ дьиэбэр бэйэтэ кэлэн олоҥхолоотун», диэн хардары илдьиттээбит. Инньэ гынан Харлаампый эмээхсиҥҥэ бэйэтэ тиийэн, үс хонук устата эмиэ күрэстэһэн олоҥхолообуттара үһү да, хайалара бастаабыта биллибэт.

  •  

Андросов.Е.Д.

  — [[]]

==Литэрэтиирэ==Таатта олоҥхоһута,ырыаһыта.