Сайа (Наталья Владимировна Михалева)поэтесса, суруналыыс, Саха тэлэбиидэнньэтигэр «Сайа кэпсиэ» биэрии ыытааччыта.

Хоһоонноруттан

уларыт
  •  

Ытыспынан толору
Дьолу сомсон турарым,
Бу кэлиэхтээх туох эрэ
Дьикти кэмин күүтэрим…
Олох кэрэ диэн этэ,
Олох дьикти диэн этэ!
Сандал сааһым күлэрэ,
Самаан сайын кэлэрэ,
Көмүс күһүн күүтэрэ,
Кырыа кыһын бүтэрэ
Чэпчэкитэ бэрт этэ!

  •  

Санаа күүһэ төрүүр онтон
Самныы ыарын ылынартан,
Тохто турар кумах сыыртан
Сатаан тирэх булунартан.
 

Этиилэриттэн

уларыт
  •  

Суруйааччы буоларым быһыытынан, 100 сыл иһинэн уус-уран сурукпутунан аан дойдуга биллиэхпитин, улахан талааннаах, саха дьиҥ олоҕун көрдөрөр, уус-уран тылын күүһүнэн тахсыбыт биллэр-көстөр суруйааччылар баар буолуохтарын, айымньылар тылбаастанан, аан дойдуга тахсыахтарын баҕарабын.