Ньукулай Ностуруойап (Николай Денисович Неустроев) - саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.

  •  

Ээ, Сахаада! Эрэйдээх Сахаада!
Уһуктан тураҥҥын, оруҥҥун булунуй!
Аҕа дойдуо! Аһыныылаах дойдуо!
Айгыстан тураҥҥын аналгын көрүнүүй!
 

  — "Өлүөнэ сарсыардата", 1990, ахсынньы, №4
  •  

Улахан биистэр
Оҥоһуу тылларын
Уҕалдьылыырыҥ

Ордук наһаа ночооттоох буолаарай? -
Онтуккун олус умнума!

Аҕас омуктар
Аан албастарын
Араас өйдөрүн
Алгыырыҥ абалаах буолаарай? -
Ааҥҥын алыс наһаа арыйыма.
 

  — "Өлүөнэ сарсыардата", 1990, ахсынньы, №4

Ньукулай Ностуруойап туһунан

уларыт
  •  

Николай Неустроев саха тылын баайын сатаан туһанар дьоҕурдааҕа, дьон ис санаатын, психологиятын таба арыйар кыахтааҕа.

  Г.К. Боескоров
  •  

Олох тиэрэ эргииригэр киирэн умсаахтаһар дьон майгыларын-сигилилэрин бэрт чаҕылхайдык ойуулаан норуотугар эппит, кэс тыл кэриҥнэммит айымньылардаах суруйааччы — Николай Денисович Неустроев

  Поликарпова Евдокия Михайловна, Н.Д. Неустроев "Куһаҕан тыын" кэмиэдьийэтэ — дьон олоҕун тиэрэ эргиирин тыыннаах дьүһүлгэнэ. Күрүлгэн, 2021. 1(78)