Павлов Борис Иванович
Павлов Борис Иванович — бэйиэт, кэпсээнньит, суруналыыс (Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ), «Көмүөл» кинигэ кыһатын тэрийээччитэ, бас билээччитэ, салайааччыта.
Публицистикатыттан
уларыт...үйэ кэриҥэ бириэмэ ааспытын кэннэ саха литературата тоҕо урукку таһымыгар тиийбэтий, тоҕо сайдыбатый? Тоҕо билигин Арассыыйаны буолуохтааҕар бэйэбитин интэриэһиргэтэр уус-уран айымньы суоҕуй? | |
— 07.04.2020 Үрүҥ илиис эбэтэр саха литературата |
Уус-уран айымньыларыттан
уларытСанааларым тылбын истибэттэр, | |
— Түөрэх |
Интервьюларыттан
уларыт-Кытай биир улуута Мао-цзэ-дун «хас биирдии көлүөнэ бэйэтэ туспа сэриилээх» диэбитин санаан кэлэбин. Ол курдук, биһиги көлүөнэ эмиэ бэйэтэ туспа «сэриилээх», туспа суоллаах этэ. Ол уратыта – биһиги быыһык кэмҥэ түбэспиппитигэр сытара. “Саамай дьоллоох, кырдьыктаах уопсастыбаҕа олоробут” диэн коммунистическай өйгө-санааҕа иитиллэн баран, үлэҕэ киирэр, олоҕу оҥостор сааспытыгар ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыйыы, ким туохха түбэспитин билбэт кэмигэр тиийэн хаалбыппыт. Ол үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар, уйулҕатыгар, дьылҕатыгар охсуулаах буолбута. | |
— Туйаара Нутчина, Борис ПАВЛОВ: ”БИЛИГИН МИН СУРУЙААЧЧЫ ДИЭН ТУГУН БИЛЭБИН". Aartyk.ru, |