Бүөтүр Тобуруокап
Бүөтүр Тобуруокап (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай бэйиэтэ, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957 с.)
Бүөтүр Тобуруокап Бикипиэдьийэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
- Таптыырга буруй суох.
Сүрэхпэр күн ийэм мичээрин |
Үлэҕэ, үөрэххэ даҕаны |
Өскө наһаа баҕарыаҥ, Наһаа күүскэ кыһаныаҥ – Баҕарбыккын толоруоҥ, Санаабыккын оҥоруоҥ!
- Сүрэххэ баттах үүммэт.
Тапталы Сир биэрбитэ, |
Сиргэ төрөөн, киһи буолбут |
"Хоhоон - сибэкки дьöрбöтö буолбатах"
Тыл - суруйааччы ытар саата, быhap быһaҕa, кэрдэр сүгэтэ, анньар үҥүүтэ. |
Соҕотох соһорум сыарҕабын, |
Таптаабаты, дьол кырыыр, |
Таҥара диэн чахчы киһи, |
- ...............
Дууһабар сарыалы уматыам, |
Таптыыбын Саха сирин |
Дьиктилээх дьиэ -библиотека, |
Эмиийдээбит ийэбит |
Куччугуй кутуйах санаалар |
Тапталы кинигэ ааҕаҥҥын, |
Умай, умай күлэ-үөрэ, |
- Илиигин даллат да -күөрэйэ көтө тур!
- Иҥнимэ,толлума,эр санаа, туругур!
- История миэлиҥсэтэ курулуур-
- Кырдьыгы кылбата буруустуур. ..
- Хаһан кини ситэ кылбайар,
- Сымыйа төбөтүн быһа далайар?!
- Киһи диэн,
- Оо,киһи диэн!
- Ол да буоллар,
- Улуу да дьылҕалааххын,
- Улахан да аналлааххын
- Өйүҥ долуой муҥурдаммат,
- Үйэҥ отой бараммат!
- Кырдьары кымньыылаан биэримэ,
- Кырдьарга тиэтэйэр Ким да суох!
- Илгэлээх итиилээх, бурҕаҥнас тымныылаах,
- Иҥнэри билбэккэ инники дьулуурдаах,
- Самныбат саргыга аналлаах
- Сахаадам барахсан ! Сахаадам!
- Ийэ дойдуҥ иэйиитэ-
- Эн сүрэҕиҥ иэйиитэ,
- Үйэ сүрэҕин тэбиитэ -
- Эн сүрэҕиҥ тэбиитэ.
- Үөрэбин дьол диэни
- Күннэтэ көрдүүртэн,
- Ат гынан көлүнэн
- Айааһыы иликтэн.
- Кулгаах уһуга ардыгар
- Куйаар суоҕу истээччи,
- Харах кырыыта сороҕор
- Ханна да суоҕу көрөөччү.
Телевизор эһигини |
Сорох отун-бурдугун |
Мурун- сирэй былааҕа, |
Оҕону, тоҥхоҕор дьону да, |
Ойуурга баар |
Күннэр -киһи кэриэтэлэр, |
*
Сүрэх хааннарын ититэр |
Саха тыла -аар тайҕа! |
Айхал, сахам тылыгар ! | |
— "Алгыс" поэматтан. |
Сытыы, быһый сөкүүндэлэр | |
— Хортуоппуйчаан уолчаан. Остуоруйа. Т.1 стр375.2010. Бичик. |
Куйуур диэн... Бу улахан кыраабыл эрэ саҕа уктаах, икки нэлэгэр тэриэлкэни кэккэлэтэ туппут саҕа куойалаах кыл тэрил төһөлөөх элбэх саханы өлөр өлүүттэн өрүһүйбүтэ, үрүҥ тыынын өллөйдөөбүтэ буолуой? | |
— Куйуур. Стр 435.т.1 2010. Бичик. |
...күөрэгэй сиртэн да,халлаантан да тутулуга суох, хайаларыгар да бас бэриммэт көҥүл көтөр. | |
— Күөрэгэй. Стр 437. Т 1. 2010. Бичик. |
..."Кэҕэ тугу сиирин билэҕин дуо? Көр эрэ, кэҕэ : "Тоҕус тыылаах киһи баһын сыатын сиэтэхпинэ тотор этим, топпот этим!"-диир үһү. Кэбис, иһиллии сатаабат буол!"... | |
— Кэрэ куолас кэҕэ көтөр. Стр 441. Т1. 2010. Бичик. |
Кэҕэ баай хара тыа кыр өстөөхтөрүн - мөлүйүөнүнэн түүлээх үөннэри суох оҥорон даҕаны төһөлөөх туһаны бар дьоҥҥо аҕаларын биһиги бэйэбит билбэппит... | |
— Кэрэ куолас кэҕэ көтөр. Стр 443. Т.1. 2010. Бичик. |
Былыр кыһыл оҕону туос биһиккэ, ол аата "туос уйаҕа " сытыараллара, көрөллөрө -харайаллара үһү. Ол бэлиэтинэн Туобуйа диэн ааттаах сир баара ("Туобуйа" диэн сири "Туос уйа" диэнтэн тахсыбыта дииллэрэ) туоһулуур буолуохтаах. | |
— Туос туһунан тойук. 1 том.2010 Бичик. |