Рамис Латипов — «Татар-информ” татаардыы тылынан таһаарыытын эрэдээктэрэ.

  •  

Тыл, бэчээт оруола олус улахан. Хаһыаты уонна бэчээт бородууксуйаларын төрүт тылынан ааҕар эрэ буоллахха, төрүт тылбыт тыыннаах халыа, иннин диэки сайдыаҕа.

  Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…»
  •  

Норуокка саамай сүрүн оруолу тыла ылар. Төһө даҕаны култуурата, сиэрэ-­туома, ырыата-тойуга хаалбыт, баар эрээри, онно тыл суох буол­лаҕына, ол иэдээҥҥэ тэҥнэһэр, оннук хайдах да буолуо суохтаах. Норуот тэбэр сүрэҕэ тыла буолар.

  Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…»
  •  

Татаардарга биир эр бэрдэ хайалары, ойуурдары уҥуордаан ыраах айан­наабыт уонна Саха сириттэн күндү тааһы аҕалбыт диэн ис хоһоонноох былыргы остуоруйа баар. Бу биһиги култуурабыт сибээстээҕин, ситимнээҕин көрдөрөр.

  Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…»