Рустам Николаевич Каженкин - саха суруйааччыта, бэйиэт, саха тылын учуутала.

Рустам Каженкин

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Саҥа дорҕооно,
Өбүгэм дорҕооно
Хара хааммар сүүрэлиир,
Тойон сүрэхпин долгутар,
"Аҕа халлааным..." - дэтэр...

  — Таас тойуга. – Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.14
  •  

Саха эдьиийдэрэ - бүгүн да бааллар...
Боотур инилэрин сүүстэриттэн өйүү,
Саха олоҥхотун кэбирин билиннэрбэт
Түҥ дорҕоон түөрэҕин төлкөлүү...

  — Таас тойуга. – Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.26
  •  

Мин саас эбитим буоллар,
Эн ньургуһун буолуоҥ этэ,
Оччоҕо бу дойдуга Кэрэ
Биһигиттэн саҕаланыа этэ...

  — Таас тойуга. – Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.73
  •  

Тыл өлбүт киһини
Ииниттэн туруоруон сөп эбит!
Тыл тыыннаах киһини
Олохтон матарыан сөп эбит!!!

  — Олук тыл. — Дьокуускай: 2007