Савва Иванович Тарасов — саха народнай бэйиэтэ.

  •  

Ол тиһэх бырастыылаһар хаһыыны
Истэ-истэбин,
инньэ сир түгэҕигэр -
Ким да иккистээн эргиллибэт сиригэр -
Ол уулаах-хаардаах
харахтары көрөбүн...
Оо, Тойон Дьылҕа,
эн аһыммаккын сөҕөбүн...

  — Ол уулаах-хаардаах харахтары... Мин сырдык санньыарым. (Хоһооннор, ахтыылар, суруктар) / Варвара Потапова. С. 193
  •  

“Баҕарарым мин эһиэхэ түмүөхпүн
Күн аннын симиир бары кэрэлэри –
Дьулуһарым онтон бэрсэ түһүөхпүн
Дьон-сэргэ уйан дууһатын үөрдээри.”;

  — [[]]
  •  

Саха ылар сииктээх буору.
Саҥата суох имэрийэр:
Ити кини Ийэ дойду
Ийэ кутун иҥэринэр.
Кини этиэ: "Ийэ тылым…
Ийэ кутум… Ийэ дойдум…"-
Өйдөбүлүн булбутум.

  — [[]]
  •  

Сааскылыы
Мичээрдии сылдьаары,
Сааскылыы
Сайаҕас буолаары
Саастарын
Сахалар
Сааскыга дьүөрэлии саныыллар,
Саастарын сааһынан ааҕаллар.

  — [[]]
  •  

Үс тулааһын тураллар буолбаат
Олоҥхо түөлбэтигэр:
Алаһа дьиэ,
аал уот,
Алтан сэргэ диэннэр.

  — [[]]
  •  

Мин хаары суохтуубун,
Мин хаары күүтэбин,
Хаарынан суунаммын
Харахтыын сырдыыбын.

  — [[]]
  •  

Иэйиилээх,
Эҥсилгэннээх,
Илбистээх
Ийэ тылбынан,
Сахалыы
Саҥа таһааран
Көхсүбүн кэҥэтэбин,
Күөмэйбин чөллөрүтэбин...

  — [[]]

“Саха литературата биэс тылынан айыллар. Олортон субу бүгүн саамай улахан болҕомтону, кыһамньыны, ... хотугу норуоттар – эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар литературалара эрэйэллэр. Ити литературалар уһулуччулаах суруйааччылара бэйэлэрин кэмнэригэр урукку Союз үрдүнэн киэҥ биһирэбили, билиниини ылбыттара”;

“Эн үгүстэргэ холобур буолар курдук дьулуурдаахтык үлэлээтиҥ. Кэлэр да өттүгэр сылайбат сындааһыннаах, элэйбэт иҥиирдэнэн, самныбат санааланан саха омугун уус-уран литератураҕын байытыһа, барҕарда сырыт!” (Сэмэн Тумат туһунан)

Савва Тарасов туһунан атын дьон этиилэрэ уларыт