Санаайа
Санаайа (Галина Семеновна Попова) - саха культуролог учуонайа, үнүбэрсиэт уһуйааччыта, суруналыыс, Саха араадьыйатыгар биэрии ааптара.
- Үөрэхтэммэтэхпитинэ олохтон туоруубут диэн санаа утутар да, туруорар да бокуойа суох оҕо да, ийэ-аҕа да өйүн буккуйда. Олоҥхо муҥхата, Дь., Бичик, 2010, С. 6
- Үчүгэй да аһары барара үчүгэйгэ тиэрдибэт буолар эбит. Олоҥхону ааҕыы//Олоҥхо муҥхата, Дь., Бичик, 2010, С.21
- Мөһүлгэни хайаан да баардылыыр тустаахпыт - Күн аннын дьоно күн эргиирин бата олорорбутун туох да уларыппат. Олоҥхону ааҕыы//Олоҥхо муҥхата, Дь., Бичик, 2010, С. 23