Сахаачча (Захаров Николай Семенович) (20.12.1948—1969) - Амматтан төрүттээх чаҕылхай тустууну көрдөрбүт саха бөҕөһө, Дмитрий Коркин үөрэнээччитэ.

  •  

Коля Захаровы бииргэ үөрэнэр табаарыстара таптаан, истиҥник судургу – Сахаачча диэн ааттаабыттара. Тустуу туһунан аахпыт, көбүөргэ кинини көрбүт, оннооҕор радионан биэриини эрэ истибит барыта – Сахаачча диэн аатынан ааттаабыта. Маннык билиниини, ытыктабылы, бука, чахчы талааннаахтар эрэ ситиһэн эрдэхтэрэ.

  Кычкин Иван Семенович, “Саха уһулуччулаах тустууга”. “Эдэр коммунист” хаһыат, 1971. // “Сахаачча сырдык сулуһа”, (С. 66-67)
  •  

Захаров ити хапсыһыы кэнниттэн аан бастаан зонаҕа баран Сахатын сирин чиэһин көбүөргэ көмүскээбитэ. Бастакы хапсыһыыларыгар наар ыраас кыайыылары ситиспитэ. Бүтэһиккэ Читаҕа сулууспалыыр биир дойдулааҕа Максим Тихонов уонна Бурятия ааттааҕа Виктор Баймеев хаалбыттара. Сахаачча убайа М.Тихоновы 5:2, оттон В.Баймеевы 2:0 ахсааннарынан сабырыйбыта. Бу РСФСР-ы ааһан, дойду түһүлгэлэригэр тиийэ тахсыталаабыт маастардар, оскуола үөрэнээччититтэн итинник “ытыспытын соттуохпут” дии санаабатах буолуохтаахтар.

Итинтэн ыла Россия, Советскай Союз, Болгария, Польша куораттарын түһүлгэлэригэр саха талааннаах тустуугун аата дорҕоонноохтук иһиллэн барбыта. Сахатын сиригэр Сахаачча элбэх үчүгэй хапсыһыылары көрдөрбүтэ. Тыһыынчанан дьон онно эппиэттээн радионан: “Николай Захаров тустар – казах Аманжол Бугубаевтыын, карагандинец Геннадий Трунинныын, Петр Алексеевтыын, Алексей Ермолаевтыын, Анатолий Габышевтыын, Владимир Даниловтыын…”, — диэтэхтэринэ маҥан баттахтааҕыттан кыра оҕотугар, учуонайыттан үөрэнээччитигэр тиийэ ойон туран уруйдууллара, “Ураа!” хаһыытыыллара. Стадионнар, спортивнай саалалар трибуналарыгар олорооччулар адьас “оҕолор курдук” үөрсэрбит.

  Кычкин Иван Семенович, “Саха уһулуччулаах тустууга”. “Эдэр коммунист” хаһыат, 1971. // “Сахаачча сырдык сулуһа”, (С. 66-67)