Саҥа дьыл
Саҥа дьылы кытта иһэр саҥа санаа, саҥа баҕа, саҥа эрэйи; күнтэн күн аайы туох-ханнык буолан иһэрин олоро-тура, сыта-хото көрөн, билэн истэн иһиэхпит буоллаҕа тыыннаахпытыгар.
Күбэрнээтэр ыраахтааҕы куоратыттан биллэрэн турар: Дьокуускайга харах больнысата тутулларын. Онон бу сайыҥҥы курдук харахтарынан ыалдьааччы дьон кэлэннэр эмтэниэхтэрэ, бука туспа харах эмтээччилэрэ кэлиэхтэрэ.
Бар дьон баҕата - саха үрдүнэн тугуй диэн ыйыттахха - киһи эрэ барыта үтүөлүүн-мөкүлүүн, баайдыын-дьадаҥылыын баҕараллар: үөрэх тэлгэнэн, туһалаах билии элбээн олорор олох тупсарыгар, майгы-сигилии көнөрүгэр.