Сметанин Тимофей Егорович

   Сметанин Тимофей Егорович (1919 с., сэтинньи 25 күнэ — 1947 с., атырдьах ыйын 4 күнэ) - фронтовик, буойун суруйааччы, талааннаах поэт, ыччат тапталлаах суруйааччыта баара-суо5а 28 саастаа5ар, 1947 с. сэриигэ ылбыт бааhырыытыттан олохтон туораабыта. Кини айымньылара саха литературатыгар ɵлбɵт-сʏппэт кʏндʏ кылаат буолаллар, кʏн бʏгʏңңэ диэри ыччаты патриотическай тыыңңа иитиигэ улахан суолталаахтар. 
   
 

Кини суруйбут айымньылара

уларыт
"Лоокуут уонна Ньургуһун" драмата;
"Күөрэгэй" остуоруйата;
"Егор Чээрин" сэһэнэ;
"Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ";
"Саллаат сүрэҕэ"; 
"Хааннаах хара баттах"; 
"Куоска олоҥхото";уо.д.а.
 


  •  

Эрдэ кырдьыбыт иһин кырдьыбат
    Эрдээх саллаат сүрэҕэ тэбэр буоллаҕына,
    Сааспын сэрии сарбыйбытын иһин,
    Сардаҥалаах күн көрө турдаҕына, —
    Син биир этиэҕим:Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.

  — Саллаат сүрэҕэ


Тимофей Сметанин Орловскай-Курскай туhаайыыга, хотугулуу-ар5ааӊӊы, иккис Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыhыыларга хорсуннук сэриилэспитэ. Сэрии хонуутугар связиhынан сылдьыбытын туhунан «Сибэсиис» диэн хоhоонугар 1943с. бу курдук суруйбута:

  Бинтиэпкэни санныга быра5аат,
  А5а биэрбит атахтарын,
  Ахсымнык айаннатан,
  Сибэсиис  эр бэрдэ сирэллэ
  Сибээhи сирийэ сиэллэ…
          («Сибэсиис»).


Т.Е.Сметанин литература бары жанрыгар өлбөт-сүппэт айымньылары биэрбит талааннаах суруйааччы . Кини ордук ыччат уонна о5о суруйааччытын быhыытынан биллэр. Айымньылара олоххо дьиң баартан төрүттээхтэр, аа5ааччыны куруутун кэрэ5э угуйар уйа5ас айылгылаахтар.1945с. сэрии сылларыгар суруйбут хоhоонноро «Саллаат сурэ5э» диэн ааттанан туспа кинигэ буолан тахсыбыта. 1947с. «Көрүдьүөс күн» сэрии иннинээ5и хоhооннорун кинигэтэ бэчээттэммитэ.

Суруйааччы патриотизма, советскай дьоннору, норуоттары кытта биир ньыгыл кэккэҕэ тµмсµµ, доҕордоһуу интернациональнай чувствовалара Аҕа дойдуну көмүскүүр хааннаах кыргыһыыларга уһаарыллыбыттара. Советскай норуоттар уонна бүттүүн киһи-аймах дьылҕаларын быһаарар улуу охсуһуу буойуна буоларынан кини улаханнык киэн туттара. Т. Сметанин биһиги литературабытын ис хоһоон, идея, тема да, уус-уран форма да өттүнэн байыппыта биллэр. Суруйааччы талаана дэгиттэрэ киһини сөхтөрөр. Ол курдук кини айымньылара лирическэй, эпическэй, драматическай, сатирическай, юмористическай сүүрээннэринэн таһымныыллар. Стилэ, хоһоонун тутула, этиигэ, уобарастааһына биллэр-көстөр уратылаахтар.