Суоһааны (Шадринова Ангелина Николаевна) - Сунтаартан төрүттээх бэйиэт, суруналыыс, араадьыйа ыытааччыта.

  •  

Уот тыаһа тыһыргыы.
Сэһэргиир.
Оҕо сааһым сарсыардатын...
Ыаммытынан үүт сытын,
Ийэм-аҕам саҥаларын,
Ол барыта миэхэ хаалтын.

  — Сэттис аан: хоһооннор. Дьокуускай, Бичик, 2014
  •  

 Бобуулаах этиҥи туппутун соругар
Умсубут дьоллооҕу ким кэлэн батыһар?

  — Суоһааны, Сэттис аан: хоһооннор. Дьокуускай, Бичик, 2014, С.49 "Арбита"
  •  

Халлаан былыта эмиэ тыллаах.
Арбыыта ону ааҕара
Долгуҥҥа түһэрэн оонньоторо.
Билигин ол сабыылаах.

  — Суоһааны, Сэттис аан: хоһооннор. Дьокуускай, Бичик, 2014, С.52
  •  

Тыла суох тыҥаабыт чуумпуттан
тыллан кэлэр тыл кута,
Төгүрүк кураанах иһигэ
тууйуллан сыппыт
ыллаан барар
тыҥ хатыыта.

  — Суоһааны. Ойуунускай оонньуута. Поэма. Дьокуускай, Чолбон сурунаал, 2024, 6 нүөмэрэ, С.46


  •  

Олох икки сирэйдээх.
Кырдьык – кылаан биилээх.
Утарынан ууммут – баһа быстыбыт.
Кыыҥҥа кистээбит – уруйга тиксибит.

  — Суоһааны. Ойуунускай оонньуута. Поэма. Дьокуускай, Чолбон сурунаал, 2024, 6 нүөмэрэ, С.49


  •  

Таҥха ыйа. Түүн.
Таһырдьа тымныы. Хараҥа.
Туймаада сууланар тумаҥҥа.

  — Суоһааны. Ойуунускай оонньуута. Поэма. Дьокуускай, Чолбон сурунаал, 2024, 6 нүөмэрэ, С.51