Новиков Владимир Михайлович — Күннүк Уурастыырап (09.05.1907—30.04.1990) - Амматтан төрүттээх саха норуодунай бэйиэтэ уонна биллиилээх тылбаасчыта.

Күннүк Уурастыырап бэргэн этиилэрэ

уларыт
  • Сааһыҥ тухары бар дьону кытары дьолгунан доҕордос, кыайыыгынан кыттыс.
  • Улуу нуучча тылыгар тылбаас — бу биһиги литэрэтиирэлэрбит бүтүн сойуус уонна аан дойду аренатыгар тахсар соҕотох эрэллээх уонна сатанар суоллара.

Күннүк Уурастыырап туһунан

уларыт
  • Уурастыырап – бэйэтин кэмин чаҕылхайдык ойуулаабыт поэт. …Бэйэтин көлүөнэтин, биир дойдулаахтарын, үөлээннээхтэрин үтүө дууһаларын, сырдык санааларын олоххо баарынан, таба көрдөрөн, итэҕэллээхтик ойуулаан. Литература ити саамай сүрүн ирдэбилин, кэскиллээх суолун поэт уһун үйэлээх айар үлэтигэр халбаҥнаабакка тутуспута… Иван Григорьевич Спиридонов
  • Күннүк Уурастыырап курдук сүдү, улуу талааннары биэрбит норуот – дьоллоох норуот, онтон төрөөбүт норуотун төлкөлөөх түөрэҕин түстэспит, ону ыллаабыт-туойбут поэт – дьоллоох поэт. Савва Тарасов

Айымньыларыттан быһа тардыылар

уларыт
  •  

Ырыам салгынна кѳрүлээн
Ыраах быдан сатараа.
Үлэ күүрээнин көҕүлээн
Үрдүук кыайыыны албаа!
Кэлэр кэмнэри айхаллаан
Кэрэ тылгын кэрэхсэт,
Үүнэр күннэри дьылҕалаан,
Үгүс дьоҥҥо биhирэт.

  Ырыабар
  •  

Аан дайды киэҥ иэнэ биһиэхэ
Аһаҕас буолуоҕа мэлдьитин
Саманнык, хаарыан сахтарга,
Санааргыыр. хараастар сатаммат.

  Манчаары отуута баллаада, 1946
  •  

Ырыаларым — ымыыларым,
Ыраас сырдык ыраларым...

  Ырыаларым
  •  

Баара дуо, сололоох киэһэҕэр
Таптыыр кыыс күүлэйдии кэлбитэ,
Эйиэхэ, соҕотох бэйэҕэр,
Эрэнэн, эҥини эппитэ?

Баара дуо, аттыгар олорон,
Эн түөскэр төбөтүн уурбута,
Сүрэххин дьолунан толорон,
Моойгуттан ыксары кууспута?

  Маайыстаан

Тылбаастарыттан быһа тардыылар

уларыт
  •  

Долгун, будул туманнарга
Чомполонон ый устар,
Санньы-курус хонууларга
Санааргыы уотун кутар...

  А.С. Пушкин, Сквозь волнистые туманы Пробирается луна. На печальные поляны Льет печально свет она.