Сылгы буорга күөлэһийдэҕинэ
Сылгы буорга күөлэһийдэҕинэ, соторунан ардах түһэр. Ардах кэмигэр куотуган, киһиэхэ сүгүн туттарбат, үргүүк буоллаҕына, күн-дьыл көнөр.
Кыһын сотору-сотору хахсайар, тыбыырар буоллаҕына, сааскыта хатааһыннаах. Кыһын хаарга сытар, күөлэһийэр буоллаҕына, күн дьыл сылыйар, былытырар, хаардыыр. Кыһынын нуктаан, төбөтүн хаарга анньан утуйдаҕына, былыт эбэтэр тыал кэлэр.
Сылгы үөрэ намыһах сиргэ, хотоолго тоҕуорустаҕына, тыал-куус, ардах, хаар баар буолар. Оттон үрдүк сири былдьастаҕына , халлаан көнөр, ичигэс күн-дьыл кэлэр.