Сыҥаах
Сыҥаах - ыстыырга аналлаах, чөмчөкө уҥуохтарыттан биирдэстэрэ.
- Хос сыҥаах - кими эрэ өйүүллэрин сөбүлээбэккэ этэллэр
- Сыҥааххын ылыам (ылан кэбиһиэм) - саныы. Охсуом, кэһэтиэм диэн суолтаҕа туттуллар
- Сыҥааҕын тыаһат - сыҥаахха оҕус, кырбаа
- Сыҥааҕа ыпсыбат буолбут - улаханнык тоҥмут.
- Сыҥааҕын хоҥнор - бэлэх-туһах биэрэн тылга киллэр
- Сыҥааххын хоҥнор - өр саҥарбакка буолан баран саҥар