Сэргэх Сэмэй - аныгы саха бэйиэтэ, тылбаасчыт.

  •  

Оҕону сэнээмэҥ, киниэнэ –
Санаата бэрт көнө, аһаҕас,
Бу олох харата-эриэнэ
Буолбат ээ кинииэхэ таһаҕас.

Ол кэлин, эриллэн-мускуллан,
Чэрдийиэ уйаҕас дууһата,
Дьулайа муостуйа сабыллан
Буолуоҕа эрэйтэн хаххата...
 

  — 2011, "Оһуор тыл симэхтээх хонуубар" хомуурунньук, 2012