Сүрэх - харамай хааны хачайдыыр уоргана.

Сомоҕо домохторо уларыт

  • Кус сүрэх (Куттас)
  • Сүрэҕин-быарын сымнат (Үөрт, манньыт, санаатын көтөх, уоскут)
  • Сүрэҕин ытарҕата, быарын тулаайаҕа (Баар-суох күндү, тапталлаах киһитэ, соҕотох оҕото)
  • Сүрэҕин-быарын ортотунан киирдэ (Сөбүлээтэ, таптаата)
  • Сүрэҕин быата уһун (Ыксаабат, тиэтэйбэт, долгуйбат, холку)
  • Сүрэҕи эрийэр (Хотуолатаары гынар, сүрэҕи мөҥүһүннэрэр)
  • Сүрэҕэ айаҕар таҕыста (Сүрдээхтик куттанна)
  • Сүрэҕэ аһы ылбат (Улаханнык ыалдьар киһи аһаабат буолтун этэллэр)
  • Сүрэҕэ бар гынна (Киһи улаханнык куттанан, сүрэҕэ эмискэ тохтуурун этэллэр)
  • Сүрэҕэ баас буолбут (сүрэх баастаах) (Ыар сүтүктээх аһыыны аһыйбыт (хас да төгүл), саллыбыт, кэһэкэнэ буолбут)
  • Сүрэҕэ-быара (санаата) бөҕөх (Бүтэйдии эрэнэр, улаханнык эрэнэр (ол-бу тахсыа, куһаҕан буолуо суоҕа диэн)
  • Сүрэҕэ-быара сымнаата (Манньыйда, уоскуйда, үчүгэй майгыланна, үөрдэ)
  • Сүрэҕэ көбөр (Сүрэҕэ эриллэр, күүскэ тэбэр)
  • Сүрэҕэ өлөхсүйэр (олохсуйар, эриллэр) (Сүрэҕэ өрүкүйэн хотуолуох курдук буолар)
  • Сүрэҕэ өрүкүйэр (көбөр) (Сүрэҕэ эриллэр, күүскэ тэбэр)
  • Сүрэҕэр түһэр (Сытыы, сыалаах, арыылаах аһы, сүрэҕэ сэлибирээн, кыайан сиэбэт)
  • Сүрэҕэр ыттарда (Туох эрэ куһаҕан буолуоҕун сэрэйэн, дьиксиннэ)
  • Сүрэҕэ суох (Үлэлиэн баҕарбат, сүрэҕэлдьиир киһи)
  • Сүрэҕэ таайар (Сэрэйэр)
  • Сүрэҕэ тэппэт (Баҕарбат, буолуганнаабат)
  • Сүрэҕэ хайдыбыт (1. Урут алдьархайга, дэҥҥэ-оһолго түбэһэн, куттас буолбут, саллан хаалбыт, кэһэйбит. 2. Куттанан, соһумар иэдээнтэн өлбүт.)
  • Сүрэҕэ халыҥ(Аһыныгаһа суох)
  • Сүрэҕэ ытырбахтыыр (Куһаҕан буолуон сэрэйэн сүрэҕэ ыалдьар, дьиксинэ саныыр)
  • Сүрэҕэ ыалдьар (1. Кыһанар, көмөлөһүөн, үтүөнү оҥоруон баҕарар)

Өс хоһоонноро уларыт

  • Ийэ сүрэҕэ — оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ — тааска.
  • Сүрэх билэр, сүһүөх билбэт.
  • Таптыыр сүрэх таайыгас (буолар).
  • Эр сүрэҕинэн, дьахтар тапталынан.

Сүрэх уус-уран айымньыларга уларыт

  •  

Эмньик да сүрэххэ
Эйэҕэс куолаһы,
Ыарыһах киһиэхэ
Ымыылаах ырыаны
Дугунан тахсаҥҥын

Дьири, дьири-дьир,
Дьири, дьири-дьир
Дьиримнии көтөҥҥүн,
Дьуру, дьуру-дьур
Дьуру, дьуру-дьур
Дьуру, дьуру
Дьурулуу сылдьаҥҥын,
Дьыры, дьыры-дьыр
Дьири, дьири-дьир,
Дьыры, дьыры, дьыры.
Дьири, дьири,
Дьири-дьир ыллааҥҥын,
Дьырылат, дьырылат.

  Игнатий Слепцов, "Күөрэгэй" ырыа