Түөрт
Түөрт - 4 ахсаан.
Алгыстан быһа тардыы
уларыт- Түөрт өттүгүтүттэн үргүөр үргүйбэтин, аҕыс өттүгүтүттэн аргыар аргыйбатын...
Сомоҕо домохтор
уларыт- Түөрт атах буол (Аттаа, илиилэргинэн, атахтаргынан тайанан, аттыы тур)
- Түөрт түгэн диир? (Төөттүгэн (түөрт үтүгэн) диир?
- Түөртүүр ыам (ынах) (Сайын ынаҕы түөрт төгүл ыыртан үһүс ыама ( күн ортотун икки киэһээҥҥи ыам икки ардыларынааҕы ыам)
- Түөрт үүтэ-аана бүөлэммит (үс бүүрүгэ бүүрүллүбүт) (Ханна да баппат буолбут, биир муннукка ыктарбыт)
- Түөрт харахтаах (Сорох ыт хараҕын үрдүгэр үрүҥ бэлиэлээх буолар, оннук ыты түөрт харахтаах диэн ааттыыллар)