Улуу Кээмпэс-Таатта Олоҥхоһуттара 
 Ааспыт үйэ бастакы аҥарыгар, Дьүлэй нэһилиэгэр Улуу Кээмпэс диэн Одун Хаантан оҥоһуулаах, Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах сүдү олонхоһут киһи олорон ааспыт эбит. Хомойуох иһин, кини олорон ааспыт кэмэ эрдэтэ бэрт уонна бэйэтэ эдэр соҕус сааһыгар өлбүт буолан, дьиннээх аата суола кыайан чуолкайдаммата. Улуу Кээмпэс бэйэтин элбэх ахсааннаах олонхолоруттан (кини 20-тэн тахса олонхону ыллыы ра) өлбөт-сүппэт «Ньургун Боотур» олонхотун биир дойдулааҕар Бабыат Макаарапка биэрэн, уһуйан өлбүтэ үһү диэн сурах-садьык баар.
  •  

Андросов Е.А
 

  — [[]]