Улуу Маалыкыс
Улуу Маалыкыс (Таатта олоҥхоһута) олоҥхоhут балайда өрдееҕу киhи. Кини ааспыт уйэ иккис аҥарыгар олоҥхоhут быhыытынан аар-саарга аатыран, бэйэтин кэмигэр күннээн-күөнэхтээн ааспыт аххан киhи сурахтааҕа. Ол курдук кини олоҥхону бэрт эдэр сааhыттан олоҕун аргыhа оҥостубут. Сааhырыытын саҕана икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи дэбигис-бааччы иннигэр туhэрбэтэх, Одун Хаантан оҥоhуулаах, Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах, дьиҥ-чахчы бэлэhигэр силлэппит, уус-уран тыл урууласпыт улууканнаах олоҥхоhут быhыытынан биллибитэ. Кини Тыараhа Дьиэбэгэнэтигэр «Куому» диэн кыра үрүйэ сиргэ олохсуйан олорбута. Революция быдан иннинэ, сааhhын моҥоон өлбут сурахтааҕа.
Андросов Е. Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара