Николай Егорович Винокуров-Урсун - суруйааччы, бэйиэт, кириитик, суруналыыс, П.А.Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Публицистикатыттан

уларыт

“Наталья Ивановна хоһоонноро, поэмалара үрдүк таһымнаахтар. Бэйэтин кини поэтессабын дэммэт, поэппын дэнэр, поэт аатын үрдүктүк тутар” (Наталья Харлампьева туһунан);

“Сэмэн Тумат аатын төрдүгэр баар үтүмэн, үтүмэт үлэни тэрийэ-айа сылдьар, бэйэтин 30-тан тахса кинигэтин тэҥэ, 70-ча атын суруйааччылар кинигэлэрин хомуйан оҥорбут үтүөлээх-өҥөлөөх. Кини нэһилиэгин аатын ылынарыгар учуутала Вениамин Миронов поэт сүбэлээбит” (Сэмэн Тумат туһунан);

Уус-уран айымньыларыттан

уларыт

“Наһаа дойдумсах киһи үйэтэ кылгас буолар” (“Айбыт аҕа” кэпсээнтэн);

“Мунуу үксүн киһи өйө-санаата көтөн, ыгылыйан, ыксаан хааларыттан эбит. Ама, доҕоор!” (“Мунуу” кэпсээнтэн);