Устуоруйабилим салаата.

  •  

Биллэрин курдук, билигин устуоруйаны кыайбыт дьон суруйаллар. Ол түмүгэр, кыралар-кыайтарбыттар кырдьыктара туора сотуллуон, суох — баар оҥоһуллуон, кыра — улаатыан, улахан — кыччыан сөп. Мин саныахпар, ханнык баҕарар устуоруйаҕа саамай тиһэх туочуканы дьиҥнээх билим: устуоруйа, тыл үөрэҕэ (лингвистика), этнография уонна генетика — туруораллар.

  — Зоя Ивановна Иванова, биология билимин дуоктара, Вашингтон университетын (АХШ) Биологияҕа департаменын ДНК-лабораториятын генетик-учуонайа // Альберт Капрынов, "Кыым", Сахалар хантан хааннаах дьоммутуй? 05.11.2013
  •  

Устуоруйа сууттуо суохтаах, сууттаабакка быһаарыахтаах. Устуоруйа судьуйа буолбатах, устуоруйа албакаат.

  Бенедетто Кроче
  •  

Устуоруйа кэпсиэхтээх, дакаастыа суохтаах.

  Марк Фабий Квинтилиан
  •  

Устуоруйаны билбэт буолуу ол аата куруук оҕо курдук буолуу.

  Марк Туллий Цицерон
  •  

Устуоруйа сүдү суолталаах буолан кинини устуоруктарга эрэ итэҕэйэр сатаммат.

  Йан Маклеод
  •  

Устуоруйа туохха да үөрэппэт. Кини билбэттэри буруйдуур эрэ.

  Игнатий Лойола
  •  

Устуоруйа хатыланарын сөбүлүүр.

  Фукидид
  •  

Устуоруйа — олох уһуйааччыта (олоххо уһуйааччы)

  Марк Туллий Цицерон
  •  

Устуоруйа (билимнэртэн) саамай куһаҕан үөрэнээччилэрдээх саамай үчүгэй учуутал.

  Индира Ганди
  •  

Устуоруйа диэн өлбүттэр, тыыннаахтар уонна төрүү иликтэр ситимнэрэ.

  Эдмунд Берк
  •  

Төһөнөн эргэ аһыы да, оччонон аныгы минньигэс.

  Уильям Шекспир
  •  

Кэннин көрүммэт киһи иннин өҥөйбөт.

  Эдмунд Берк
  •  

Өбүгэлэри ытыктаабат буолуу диэн сиэрэ суох буолуу бастакы сибикитэ.

  А.С. Пушкин Неуважение к предкам есть первый признак безнравственности
  •  

Биһигиттэн аҕыйах улуу киһиэхэ устуоруйа сүгүрүйэр, ол эрээри хас биирдиибит үлэлээн устуоруйаны кыратык да буоллар уларытар кыахтаах...

  Роберт Кеннеди
  •  

Ааспыты билбэккэ эрэ аныгы ис дьиҥин уонна кэскил сыалын-соругун билэр сатаммат.

  Максим Горькай