Уһуктаах Уйбаан Э.К.Перкарскай биир сөбүлээн олонхолотор олонхоһутунан I-й Игидэй киһитэ Таллаха уола Уһуктаах Уйбаан буолар. Кини ааспыт үйэ иккис аҥарыгар, бу үйэттэн бэрт кыратык хапсан, олорон ааспыт киһи. Бэйэтин кэмигэр дьоҥно-сэргэҕэ эмиэ кэмэ суох кэрэхсэммит, балайда арбаммыт-сарбаммыт киһи сурахтааҕа. Ол үрдүнэн кини дьингнээх толору аатын ким да өйдөөн хаал- ларбатах. Кини олоҥхолоруттан дьон ордук биһирээн «Тоҕус уолун тоһоҕо кэбиһэринэн, аҕыс кыыһын анна, аҕыс былас суһуохтаах Айталыын Куону» олоҥхолотоллоро, Уһуктаах Уйбаан көннөрү саха былыргы ырыатын-тойугун да элбэҕи билэрэ, ыллыыра. Чабырҕаҕы, остуоруйаны да билбэхтэһэрэ үһү диэн кэпсииллэрэ.

  •  

Андросов Е.Д

  — [[]]