• Халан - саха учуонайа, уопсастыбанньыга.
  • Биһиэхэ саха омук туохха дьулуһуохтааҕын, ыччата тугу гыныахтааҕын, хайа диэки хайыһыахтааҕын ырытыы суоҕун тэҥэ. Тоҕо эрэ мин оннугу түбэһэн көрө иликпин. Баҕар Сэбиэскэй кэмҥэ ырыппыт да буоллахтарына, национализымтан толлон дириҥник хоруппатах буолуохтаахтар. Онон билигин “саха оҕото тугу гыныахтаҕый, ханнык суолу тутуһуохтааҕый, туохха дьулуһуохтааҕый, бэйэтин Саха сирин, Арассыыйа олохтооҕун быһыытынан хайдах сананыахтааҕый?” диэн ыйыыга хоруй наада. Онуоха омукпут тумус дьоно, бөлөһүөктэрэ кыттыахтаахтар. Кинилэр өйдөрүн-санааларын биһиги салгыы тарҕатыах этибит. Ити туһунан туспа улахан кэпсэтии тахсара буоллар олус үчүгэй буолуо этэ.
  •  

"Кыым" хаһыат, 2016, бэс ыйа