Хамса - табаҕы симэн уматарга аналлаах, алтантан, тимиртэн, удьурҕайтан, муостан уонна да атын матырыйаалтан оҥоһуллубут төгүрүк быһыылаах төбөлөөх, ол төбөтүгэр буруону оборон ылар көҥдөй умнастаах табаҕы тардар мал.

Хамса туһунан уус-уран айымньыга

уларыт
  •  

 Дулҕа Уоһук туһааннааҕа
Дуруускаһыт Хобороонньо,
Алтан бастаах быа хамсаны
Атаҕыттан ороон ылан,
Сымыйанан табах тардан,
Сыпсырыйа-сыпсырыйа,
Сылбархай итии чэйи
Сыыйа иһэ олордо.

  В.М, Новиков, Талыллыбыт айымньылар/Ымыы уонна Налбыһах.- Якутскай, 1977, С. 76