Наталья Ивановна Харлампьева - саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэсэдээтэлэ.

Айымньыларыттан уларыт

  •  

Ким эрэ кими эрэ харыстыахтаах,
Онон үтүө тэнийиэхтээх.

  — Ыһыах кэннэ, 2012, с.44
  •  

Оо, Азия хотун!
Түүр тылыҥ үлтүркэйинэн,
Моҕол тылыҥ модунунан,
Сахаҥ тылын сарбынньаҕынан
Саҥардаҕым буоллун,
Көрдөстөҕүм буоллун,
Ааттастаҕым буоллун!

  — Ыһыах кэннэ, 2012, с.57
  •  

"Саха дьахтар таҥаралаах", -
Өбүгэлэрбит этэллэрэ.
Быстар дьадаҥы, үрдүк өһүөлээх
Итиннэ тэҥҥэ итэҕэйэрэ.

  — Ыһыах кэннэ, 2012, с.61


  •  

Итэҕэйэбин
Сахам айыыларыгар,
Олох устун
Араҥаччылаан илдьэ сылдьар
Өбүгэлэрим үҥпүт
Үтүө күүстэригэр.


  •  

 Олох - өрүс, улуу өрүс
Умсугутар сүдү күүс!

  •  

Олох диэн амтана биллибэт
Биирдэ аһыы, биирдэ ньулуун,
Биирдэ кэрэ, биирдэ дьулаан
Күн ситимэ, хонук ситимэ,
Сыл ситимэ, үйэ ситимэ...

  — Кыра хоһоннор
  •  

Кыыс Ньургун буолбатахпын мин.
Мин арыый атын аналлаахпын.
Суох мин санньыар былаахпар
Күүһүнэн өртөйүү күлүгэ,
Баар тыл илбиһин ситимэ,
Бэйэбэр да кыайтарбат имэҥэ.

  — Кыра хоһооннор

Санаатын кэрчиктэрэ уларыт

  • Ийэ дэнэр үрдүк ааты оҕону төрөтөөт да иҥэриммэккин. Күн аайы, хас чаас аайы, олоҕуҥ устатын тухары ити үрдүк ааты дакаастаһар ирдэнэр курдук.
  • Бүгүҥҥү олох холку, намыын, дьоһун, киэҥ көҕүстээх, уһун тыыннаах буолары эрэйэр.
  • Биир киһи баламат быһыытынан

Буруйдуу санаама бар дьоҥҥун.