Чугунов Афанасий Васильевич

Чугунов Афанасий Васильевич - РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Билимин акадьыамыйатын вице-бэрэсидьиэнэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара.

  •  

Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр. Итини билэр буоланнар уодаһыннаах омуктар эһиэхтэрин баҕарбыт омуктарын төрүт дьарыгыттан ьэйитэллэр. Биһиги, сахалар, төрүт дьарыкпыт, олохпут тутула, духуобунай сайдыыбыт, култуурабыт төрүтэ, тылбыт-өспүт сүөһү-сылгы иитиитэ буолар. Бу уһук хоту муус кыаһаан дойдуга хороҕор муостааҕы уонна сыспай силлээҕи иитии култууратын баһылаабыт сахаттан атын омук суох.

  Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184)
  •  

Олоҕу үлэ эрэ сайыннарар.

  Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184)
  •  

Тыа сирин оҕото тустаах үөрэҕэр сэргэ тутан, үлэнэн иитиллиэхтээх, ол эбэтэр сахалыы тыыҥҥа уһуйуллан улаатыахтаах. Оннук оҕо, кини кэлин ханнык идэни таларыттан тутулуга суох, өйө-санаата туруктаах, кута-сүрэ бөҕө буолар.

  Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184)
  •  

Тыа ыала сүөһүнү-сылгыны ииппэт, сиргэ үлэлээбэт буолла, хара үлэттэн тэйдэ да, киин сирдэргэ талаһар, оттон нэһилиэнньэтэ аҕыйах, үөрэнэр оҕото суох нэһилиэк эстэригэр тиийэр.

  Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184)
  •  

Тыа сирэ эһиннэҕинэ, сахалар дьылҕабыт хайа диэки хайыһыай? Онон, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрин бэлэмнээһин судаарыстыбаннай суолталаах үлэ буолар.

  Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184)
  •  

Киһи халлаан сулуһун харбаан дьолломмот, дьол диэн бэрт чугас сылдьар, ону киһи бэйэтэ уһанар.

  Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184)
  •  

Куйаар сулус быыһыгар,
Кустук эҥин өҥүгэр
Дьолуо түгэни кэтэһэ,
Дьолгун көрдүү сатаама.

Дьолуҥ олох аттыгар,
Дьиэҕэр, тиэргэн иһигэр,
Уолуҥ, кыыһыҥ тапталыгар,
Уостан ылбат аймалҕаҥҥар.

  — Дьолуҥ дьиэҕэр // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184), 10 с.