Чысхаан (суруйааччы)
Заболоцкай Николай Максимович (Чысхаан) Бикипиэдьийэҕэ? |
Чысхаан (Заболоцкай Николай Максимович) (21.11.1908—01.04.1987) — прозаик, литератураны ырытааччы, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1944).
“Кини олохтон ылбыт матырыйаалын, чахчыларын өр ырытан, толкуйдаан баран, уус-уран литература тылыгар таһаарарын, сыл-хонук өрөөн, сыыйа-сыппайа суруйарын таптыыр художник этэ... Хас биирдиилэрэ ис хоһоон уонна форма өттүнэн бэркэ кичэллибит боччумнаах айымньылар буолаллар. ...суруллубут кэмнэрэ ааһан истэҕин аайы эбии дьэҥкэрэн, эбии улаатан баай ис номохтонон иһэллэр (Николай Неустроев туһунан)”;
“Айымньы күүстээх тылынан, киһи хараҕар быраҕылла түһэр хойуу кыраасканан күүрээннээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик суруллуута, кини героическай ис хоһоонуттан төрөөн тахсар. Манна хас биирдии тыл, уобарас поэма ис хоһоонун арыйар... (Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” айымньытын туһунан)”;
“Улуу Кудаҥса” диэн сэһэҥҥэ патриархальнай-родовой олох суулларын саҕана олоро сылдьыбыт аҕа ууһун баһылыгын трагическай дьылҕата ойууланар. ...Кудаҥса үрдүк халлаан ыйааҕын утары үс суол улахан аньыыны оҥостор. Бииринэн, кини чолбон сулуһу быһа кэртэрэн түһэрэргэ сананар... Иккиһинэн, “Үөһээ дойду өлүүтэ” диэн дьаҥ турбутугар Улуу Кудаҥса бар дьонун өлүүттэн-сүтүүттэн быыһыыр наадатыгар үөһээҥҥи абааһылары, Улуутуйар Улуу Суорун тойону кытта уруурҕаһарга санаа булар. Кудаҥса дьонун-норуотун иннигэр төрөппүт оҕолорун даҕаны сиэртибэ биэрэрин кэрэйбэт... Үсүһүнэн, дьоҥҥо туһалаары аны аллараа дойдуттан бэйэтэ санаабытынан быһа охсор аптаах сытыы кылыһы оҥотторон ыларга сананар...”;
“Тимофей элбэх айымньылара киһини тардар эмоциональнай күүстээхтэр, оннук айымньылары кини эҥэрдээн, хайдах эрэ ыллаан эрэрдии долгуйан, ис сүрэҕиттэн ааҕара истээччи киһиэхэ ордук тиийимтиэ буолара. Тимофей, дьиҥэр, саҥа суруйан иһэн өлбүтэ. Суруйааччы табаарыстара да билиниилэринэн, мин да санаабар, кини саха литературатыгар сүүнэ улахан талаан үөскээн иһэн, хомойуох иһин, эрдэ өлөн туораабыта” (Тимофей Сметанин туһунан);