Ырыа Дьөгүөнньүк (Таатта олонхоһута)

Ырыа Дьөгүөнньүк Егор Филиппович Дедюкин сэттис хал- лаан сиксигинэн, ахсыс халлаан анараа өртүнэн, тохсус халлаан улаҕатынан эҥсэн олоҥхолоон аххан онолуйбут, ыллаан аххан ыксалыппыт, туойан аххан доллоһуппут киһи этэ. Қини икки үйэ кирбиитин лаппа хапсан, төрөөн-үөскээн олорон ааспыта. Олоҥ- хонон, ырыанан, чабырҕаҕынан бэрт эдэр сааһыттан анаан дьа- рыгырбыта. Баайаҕаҕа «Мөҥүрүөн» диэн сиргэ олорбута. Дьа- даҥы буолан таҥаһа-саба да, ол тэҥэ боростуой, дьадаҥы этэ. Сайынын наар куоҕас тириитэ бэргэһэлээх сылдьара, наһаа та- ҥараһыт, айыымсах, иччини, абааһыны олус итэҕийимтиэ киһинэн биллэрэ. Амырыын дьүһүннээх, түү сирэйдээх, үрдүк соҕус уҥуох- таах, куруутун нүксүччү соҕус тутта сылдьар киһи этэ. Өкүлүүнэ Көстөкүүнэбинэ диэн эмээхсиннээҕэ, Өкүлүүнэ, Өлөксөөндөрө диэн икки кыыстаахтара. Былаас диэн акаарытыҥы соҕус соҕотох уоллаахтара. Қинилэр үһүөн, саастарын ситэн, өр кэргэннэммэккэ сылдьан баран, биир кэмҥэ утуу-субуу ыалдьан өлүтэлээбиттэрэ. Ырыа Дьөгүөнньүк Бээйэҥ (Иуда) диэн соҕотох инилээҕэ.Ырыа Дьөгүөнньүк олоҥхолуурун, ыллыырын, чабырҕахтыы- рын таһынан элбэх сэһэни, номоҕу үһүйээни, остуоруйаны билэттиирэ. Уонтан быдан тахса олоҥхону, 70-ча былыргы саха ырыа- ларын, тойуктарын, алгыстарын, кырыыстарын билэрэ, диэн кэп- сииллэрэ. Қини үгүстүк ыҥырыыттан ыҥырыыга Бороҕонунан,Дүпсүнүнэн, Намынан сылдьан, бурдук, арыы манньаҕа ыллыыра үһү. Бэйэтэ соҕотоҕун да сылдьан, мэнээк ыллыыр, туойар үгэс- тээҕэ диэн кэпсииллэрэ.Ырыа Дьөгүөнньүгу туора сиргэ-уокка билбэт-көрбөт ыаллар: «Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх, ким диэн киһи буолаҕыный?» -диэн ыйыттахтарына: «Ээ, мантан бэрт ырааҕа суохБайаҕантай улууһун книнигэр, Баайаҕалыыра диэн сиргэ Батан-тэһнйэн олорбокко Бас-баттах сылдьар Чаабый-нибий чабырҕахтаах, Олоот-молоот олоҥхолоох, Сэһэн-сэппэн сэтиилээх, Ырыа-тойук аргыстаах Ырыа Дьөгүөнньүк -диэн киһибин, оҕус тардыытынан олоҥхону, ылах уйарынан ырыа- ны таһаҕастанан кэлэн олоробун»,- диэн хоһоон курдук үөрэ- дьүөрэтик этэн-тыынан хоруйдуура. Оччоҕо хоно киирбит ыалын дьоно үөрэн чөрөс гына түһэллэрэ уонна туох баар баардарын сыыһынан маанылаан-күндүлээн, урааннаах уһун түүнү курдары олоҥхолотоллоро, ыллаталлара.Дьэ, ити курдук Ырыа Дьөгүөнньүк ортолуу аатыран-сура- ҕыран сылдьан, биир саас урукку үгэһинэн, кунан оҕуһун көлүнэн Дүпсүнүнэн, Намынан бурдуктаһа диэн аттаммыт. Дүпсүҥҥэ тиийдэҕин нөҥүө күнүгэр, Өспөх нэһилиэгин сис баайа Алексей Петрович Афанасьев: «Ырыа Дьөгүөнньүк миэхэ кэлэн бурдукка олоҥхолоотун эбэтэр ыллаатын», - диэн илдьиттээбит. Ырыа Дьө- гүөнньүк баай бэйэтинэн илдьит ыытан ыҥырбытын кэннэ олоруо баара дуо, сып-сап хомунаат ыҥырыылаах ыалыгар айаннатар. Өр-өтөр буолбат, тиийбит. Бэркэ сэрэнэн, тардына соҕус туттан, улаханнаахай уорук бараан балаҕан халыҥ халҕанын арыйа бат- таан иһирдьэ киирбитэ доҕоор, уҥа диэки олорор киһи улар саҕа, кэтэҕириин диэки олорор киһи кэҕэ саҕа, хаҥас диэки олорор киһи хаххан саҕа буолан көстөр киэҥ-куоҥ уораҕайдаах дьиэ буолан биэрбит. Дьиэ хабайар хаба ортотугар түөрт өртүнэн сирэйдээх, онно сөптөөх аҕыс кырыылаах дьаҕыл хара хомултаннаах, остуо- руйаҕа кэпсэнэр дьиҥнээх олоҥхо дьиэтин курдук дьиэҕэ киир- бититтэн кыбыстан, дьулайан, дух-дах туттан турдаҕына дьиэлээх тойон Алексей Петрович Ырыа Дьөгүөнньүгү бэйэтинэн көрсө тү- һэн, сиэтэн илдьэн, эһэ тириитэ олбохтоох уҥа оронугар олордон кэбиспит. Дорооболоһон-дыраастыйдаһан, ону-маны кэпсэппэхтээн иһэн, дьиэлээх тойон: «Дьэ доҕоор, эйиигин сиртэн, таҥараттан ыйаахтаах ырыаһыт, үөһэттэн таттарыылаах үтүө олоҥхоһут киһи диэн дьоннор алыһын арбыыллар, хайгыыллар ээ, ол кырдьык дуо?» - диэн ыйыппыт. Онуоха Ырыа Дьөгүөнньүк ах баран, балайда саната суох олорбохтоон баран: «Алыс да арбыылларын курдук буолбатарбын син, бэйэм санаабар, ходьох курдук хоһоонноох, татым соҕус тойук- таах, ортоку соҕус олоҥхолоох киһинэн ааҕынаммын бу кэрийэ- кэриимнии сырыттаҕым дин», - диэн хоруйдаабыт. Дьиэлээх киһи хоноһотун хоруйун сөбүлээн, күлэн күһүгүрэтэн баран эпинт: «Чэ, оччоҕуна балаҕаныттан быкпатах, өтөҕүттэн өнүйбэтэх, тусаһа- тыттан тэйбэтэх кырдьан эрэр кыыс дьахтардаахпын, ону көрөп олороннун биһиккэ сытыаҕыттан билиҥҥэ диэри хайдах улаатан, олорон кэлбитин биири да сыыспакка үүт-үкчү ойуулаан туой эрэ, оччоҕуна мин эйигин уон хонукка олоҥхолотуом, тоҕус хонукка туойтарыам уонна манньатын икки сыл синр бурдуккун биэрэн, бэйэм көлөбүнэн тиэйтэрэн ыытыам», диэн баран, Ырыа Дьөгүөн- ньүк иннигэр уун-утары хаһан да мэйинлээх хараҕынан көрбөтөх хотун-хаан көрүҥнээх, топ-толуу дьахтары аҕалан олордон кэ- биспит. Онуоха Ырыа Дьөгүөнньүк уот инннгэр сөһүргэстээн олорон, аал уоту үс төгүл арыы кутан аһата аһата үстэ кэҕэлээбит, үстэ суордаабыт уонна уоһун иһигэр бутугураан, тугу эрэ алҕаан баран, дьэ олбоҕор кэлэн, дьахтары уун утары көрен олорон, ис- иһиттэн илбиһирбит курдук инсэлээхтик, иччилээхтик туойбуту- нан барбыт. Ити курдук балайда өр туойбутун кэннэ, дьиэлээх дьахтар Ырыа Дьөгүөнньүк туойуутун тулуйан истибэккэ уҥуох унуоҕа халыр босхо барыар диэри куттаммыт уонна оҕонньортон: «Түксү, уурай», диэн көрдөһөн тохтоппута үһү. Ырыа Дьөгүөнньүгү үтэн-анньан көрөн ыллатан, сыыһатын- сымыйатын тутан, албан аатын хараардаары соруммут Афанасьев баай киһи эрэ буоллар баһыйтаран, бэркиһээн, оҕонньору тобус хонукка олонхолоппута үһү уонна олонхо тохсус олоҕун эмиэ кыайан тулуйан истибэтэх, унуоҕа халыр босхо баран, куйахата күүрэн, ийэхара көлөһүнэ сарт түһэн, Ырыа Дьөгүөнньүгү нэ- һинлэ ааттаһан тохтоппута үһү днэн кэпсииллэр. Афанасьев баай эшит, эрэннэрбит тылыгар туран, Ырыа Дьөгүннньүккэ ити саас үс көлө саха бурдугун, сэлиэһинэйин тиэйтэрбитэ үһү. Алексей Петрович Афанасьев баай бу түбэлтэ кэнинттэн икки сыл буолаат, 1906 сыллаахха эмискэ соҕус ыалдьан өлбүт сураҕа иһиллибитэ, Оттон били туойтарбыт дьахтара туойтардаҕын ненгүө сылыгар эмиэ эмискэ таарымталанан өлбүт сурахтааҕа. Дьэ бу кэнниттэн Ырыа Дьөгүөнньүк улуу олоҥхоһут, ырыаһыт, тойуксут быһыытынан ордук күүскэ сураҕырбыта, Қини Нам, Дүпсүн, Бо- роҕон улуустарыгар ынырыыга сылдьан ыллыыр буолбута. 1909 сылтан 1916 сыллаахха диэри өрүс илин эҥэринээҕи улуустарга сэттэ сыллаах тэлэгирээмэ сута туран, туох да күөҕэ быкпат, биир т таммах ардаҕа суох сайыннардаах дьыл-күн, уот кураан сатыылаан, Баайаҕаҕа бурдук буолуохтааҕар салаа да күөх от быкпатаҕа Кыайан ыраата баран оттообот-мастаабат, дьадаҥы, кыаммат ыаллар аҕыйах ахсааннаах сүөһүлэрин дуомун сиэн бүтэрэн, улахан хоргуйуу, сутааһын саҕаламмыта. Бу элбэх сыллаах кураан, сут «Мөҥүрүөн» ыалларын эмиэ дьадаппыта, аччыктаппыта, Ыал вайы, «бары бүттүүн тутуспутунан хоргуйан быстар буоллубут», диэн ытаһыы-сониһуу үксээбитэ. Маны барытын көрө билэ, бэйэтэ эмиэ быстара сылдьар Ырыа Дьөгүөнньүк дьонун, бэйэтин туох кыалларынан, хайдах эмэ гынан, быыһыыр- га быһаарыммыта, Биир саас бэрт эрдэттэн оностон, иккиэ буолан, бурдукка Нам, Дүпсүн баайдарынан олоҥхолуу, туойа аттаммыт- тара. Онно тинйэн бурдуктаах баай, сэниэ ыаллары кэрийэ сыл- дьан: «Биһиэхэ Байаҕантайга, Баайаҕаҕа уһун сыллаах уот кураан, сут түһэн, хоргуйан эстэр кутталланныбыт, көмөлөһүҥ, абыраан!» диэн үҥэн-сүктэн туран көрдөспүттэрэ, онно эбии харса суох ыллаан-туойан, олонхолоон бурдук бөҕөнү бэриһин- нэрбиттэр, манньалаппыттар, Ол бурдуктара 9 көле буолта үһү. Ону тиэйэн аҕаланнар Мөҥүрүөнүнэн, Баайаҕанан хоргуйан эрэр ыалларынан кэрийэ сылдьан түҥэттэрэн, өлөр өлүүттэн элбэх киһи тыынын өрүһүйбүттэрэ диэн Мөнүрүөн, Баайаҕа кырдьаҕас- тара Брыа Дьөгүөнньүккэ кэмэ суох махтанан кэпсинллэрэ. Бу ытык ырыаһыт, умсулҕаннаах улуу олонхоһут элбэх ахсааннаах олонхолоруттан билигин «Эрэй буруй аргыстаах Эр Соҕотох», «Күн сирин көрсө төрөөбүт Кыыс Кыскыйдаан», «Аҕыс былас суһуохтаах Айталын Куо» уонна «Орто дойдуга тура төрөөбүт Ороһулаан Уол» олонхолор ааттара эрэ биллэллэр. 1926 сыллаахха Баайаҕа «Аранастааҕар» сайын балайда кнэн түмсүүлээх, обургу ыһыах тэриллэ сылдьыбыта. Баайаҕалар ол ыһыахтарын Ырыа Дьөгүөнньүгү анаан-минээн ыныран ылан, ал- батан астарбыттара. Ол кэнниттэн түһүлгэҕэ олордон олонхо- лоппуттар этэ. Ырыа Дьөгүөнньүк олонхолоон баран эрдэ соҕус тохтообут уонна: «Бу олоҕум устатын тухары наар олонхонон умсугуйаммын, ырыанан үлүһүйэммин дьолбун-соргубун тоҕо туо- йам йаммын, ол аныытыгар-харатыгар хаарыаннаах көмүс оҕолорбуттан көстө мэлийдэҕим, ытыспын сотуннаҕым, Онон олоҥхонон, ырыа- нан, тойугунан үлүһүйүү улахан сэттээх-сэлээннээх эбит. Олоҥхо сиртэн-таҥараттан ыйааҕа, мүлчүрүйбэт бүтүн оноруута суох ки- һини олоҕун огдолутар, кэрэгэй кэскиллиир, түөрэккэй төлкөлүүр буолар эбит», - диэн улаханнык кэмсинэрин биллэрбит. Онтон ыла кинн өлүөр диэри олонхотун, ырыатын бырахпыта үһү. Ырыа Дьөгүөнньүк бэйэтин кэмигэр улуу олонхоһут быһыытынан үрүн оҕус саҕа өрөгөйө үрдүү, саар булгунньах саҕа саргыта салалла сылдьыбыт киһи этэ диэн кини биир дойдулаахтара бука мээнэ.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара.