Эбээ Дьэбдьиэ (Евдокия Лиханова, 1900-2010)
Эбээ Дьэбдьиэ (Лиханова Евдокия Семеновна, 1900-2010) — Хаҥалас улууһун Нөмүгү олохтооҕо, билиҥҥитэ Горнай Орто Сурт сиригэр 1900 сыллаахха төрөөбүт.
Сахатын аанньа ахтыбат киһи өйө-санаата туора омукка көһөр, төлкөтө онно барар. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |
Былдьаһыктаах кэмҥэ "һуу-һаа" диэн, быстахха киирбэккэ, ааһар албыны эккирэппэккэ, өлбөт-хаалбат гына бэйэ сиригэр-уотугар дьип-дьап дьаһанан, кытаатан биэрэр куолу. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |
Аныгы саха сирин баайын харыһыйан ытыы-соҥуу олорбокко, бэйэ туһатыгар таһаарар мөккүөрү тобуллаҕына, сайдар аартыга аһыллыа. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |
Үлэтин таһаҕас оҥостубакка, идэтинэн астынар, дуоһуйар эрэ киһи олоххо кыайыылаах буолар. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |
Таҥараны илэ көрбүт суох, эйигин кэтээн, тутан турбат. Таҥара — киһи үтүө санаата. Ол иһин киһи айыы санаанан салайтарыах тустаах. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |
Киэҥ-холку майгы — уһун үйэ бэлиэтэ. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |
Сүүрэ-хаама сылдьар ыарыыга бэриммэт. | |
— Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023 |