Эмээхсин
Эмээхсин - сааһырбыт, төрүүр кыаҕыттан ааспыт кырдьаҕас дьахтар.
Уус-уран айымньыга
уларытХата оҕонньорунааҕар эмээхсинэ ордук көрүҥнээх эбит: ханайбыт, хантайбыт быһыылаах, күскэм курдук эттээх, кэтит сирэйдээх, араҕас хааннаах, саһархайдыҥы харахтаах, аҕамсыйан эрэр дьахтар эбит. | |
— П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Бичик: 2003, Дьэбэрэттэн тахсыы. С.159 |
Ама кини (Ааныска эмээхсин) сааһа элбээн, ааһан-туоран, симэһинэ баранан, хаана аҕыйаан, этэ-тириитэ өрт уота сиэбит куруҥ маһын курдук кубарыйа хаппытын иһин, хайа, тыыннаах киһи сүрэҕэ тэппэт буолуо дуу? Төһө да кырыйдар, сүрэҕэ тэбэр, санаата оонньуур... | |
— П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Бичик: 2003, Сүрэх. С.149 |
Эмээхсин тоспун ыллым ээ диэххэ айылаах, ньим баран хаалла. Оргууй илиитин төлөрүтэн, аҕылыы-аҕылыы, харбыйан хаалбыт түөһүн имэриммэхтии сытта. | |
— В.Яковлев, Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. |
Кисиэнньэ биэс уонун саҥа ааһан эрэр "эмээхсин". Дьиҥэр кини бу дойдуну булуор диэри эмээхсиммин дии санаммат этэ, эмээхсин диэбэт да этилэр: дьоно-сэргэтэ Мутукча диэн ыҥыраллара. Арай манна "эмээхсин" диэн ыҥыран соһутан өлөрө сыстылар. "Номнуо эмээхсин буолбут эбиппин дуу?" - дии санаабыта. Кырдьык даҕаны, биэс уонун ааспыт, уончата оҕоломмут диэтэххэ, Кисиэнньэ эмээхсин көрүҥэ суох: сааһыттан быдан эдэр көрүҥнээх, чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, хаамыталаан үлэлии-хамныы сылдьарынан да оннук. | |
— Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай: Бичик, 2004. С.3 |