Яковлев Макар Макарович
Макар Макарович Яковлев - юрист, прокуратура силиэдэбэтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата.
- Правовой нигилизм сокуону улаханнык аахсыбат, бэрээдэги билиммэт дьон элбээбитинэн, быраап култуурата намыһаҕыттан олохсуйар.
- 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабар баттаһыытыгар Саха сириттэн М.Е.Николаев, К.Е.Иванов баһылыктаах дэлэгээссийэ, ультиматум оҥорон туран, өрөспүүбүлүкэлэр, судаарыстыбалар бас билиилээх буолуохтаахтар диэни киллэттэрбиттэрэ. Ити П. В. Ксенофонтов түөрүйэтин салгыыта. Киин куорат, 2020, муус устар 23 к.
- Билигин дьон сокуон үксэ баай араҥа туһугар оҥоһуллар диирэ оруннаах курдук. Федерация сэбиэтигэр уонна Госдуумаҕа элбэх харчылаах уонна үрдүк үлэҕэ үлэлээн сылдьыбыт дьон олороллор. Нэһилиэнньэ даҕаны харчылаах эрэ дьону дьокутаакка талар буолан турар. Кыра ону-маны - детсад дуу, кулууп дуу - туттарыахпыт диэтилэр да, сөп буолан хаалаллар. Киин куорат, 2020, муус устар 23 к.
- Парламент спикерэ П. В. Гоголев санаатын аһаҕастык эппитигэр уонна куоластаабытыгар айдаан бөҕө, "политический труп" диэн буолбута. Мин тус бэйэм сыаналыырбынан, П. В. Гоголев позициялаах, бэйэтин эрэ интэриэһин көрбөт, өрөспүүбүлүкэ интэриэһинэн салайтарар. Норуокка "с ним можно идти в разведку"дииллэр.