Яна Ербулатовна Байгожаева - саха суруйааччыта, бэйиэт, суруналыыс, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Уус Алдаҥҥа төрөөбүтэ.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Ситэ этиллибэтэх тыллар
Сибэкки дьөрбөтүн курдуктар.

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.5
  •  

Мин таптыыр, эрэнэр Эрэлим,
Үгүстүк санааргыыр Эрэйим,
Хомотор, хоргутар Тойонум,
Эйэҕэс-сайаҕас Сэгэрим.

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.25
  •  

Мин эйиигин таптыыбын
Үгүс тыла суох,
Тыллаах бэйэм.

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.34
  •  

Хотойдор соҕотох көтөллөр,
Үөһэнэн кыырайа дайаллар.
Кинилэр көҥүлү таптыыллар,
Хаайыыны, хаарчаҕы уйбаттар.

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.44
  •  

Этиллиэхтээх тыллар
Кэмигэр этиллибэккэ хааллахтарына,
Күн саҕахха киирэн саһарыныы,
Сарсыҥҥытыгар суолталара сүтэр.

  — "Чолбон" сурунаал, 2022, с.40


Яна Байгожаева туһунан

уларыт
  •  

Яна Байгожаева айылҕаны кытта дьиҥ-чахчы ситимнээх, дириҥ хорутуулаах, инникитин элбэҕи эрэннэрэр поэт (Наталья Харлампьева).

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.3
  •  

Олоҕу таптыыр, айар-тутар аналыгар кини төрөөбүт норуотун философиятыгар тирэҕирэр (Наталья Харлампьева).

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.3
  •  

...кинини оннооҕор тымныы кытта чэбдигирдэр, олоххо дьулуурун күүһүрдэр, хайа да ыарахан түгэнтэн кини мичээрдээбитинэн тиллэн кэлэр (Наталья Харлампьева).

  — Сырыы аайы саҥаттан. - Дьокуускай: Бичик, 2007, с.3