Өһүргэтии — ким эрэ дьоһунун түһэрии, кинини ытыктаабаккын биллэрии.

  •  

Хаһан эмит доҕоргун эбэтэр билэр киһигин мээнэ тыллаһан кэбиһэн алҕас өһүргэппиккин санаа эрэ. Толкуйдаа, кини тоҕо өһүргэммитэ буолуой? Өскөтө ол кэнниттэн сыһыаҥҥыт мөлтөөбүт буоллаҕына, толкуйдаа. Хайдах гынан иллэһиэххэ сөбүн.
— Өйдөөтүм, ол эрээри хайыыбыный?
Өйдөөн кэбис. Умнума!!!
Маннык гыныма:
Доҕоргор этимэ: "Кыра оҕо курдук буолума, хайдах кыра аайыттан өһүргэниэххэ сөбүй?"
Доҕоргор этимэ: "Чэ, уоскун чорботон бүт, хайа муҥун, иллэһиэххэ!"
Доҕоргор этимэ: "Чэ, мин туспунан эмиэ туох эмит күлүүлээҕи эт".
Маннык гыныахха сөп:
Доҕоргор эт: "Баалаама дуу, эйигин өһүргэтиэхпин баҕарбатаҕым ээ".
Доҕоргор эт: "Дьэ өйдөөтүм, хайдах курдук эйигин хомоппуппун. Онтон наһаа кыбыһынным".
Доҕоргор эт: "Мантан инньэ эн тускунан (күлүүлээҕи) кэпсиирбэр бастаан эйигиттэн ыйытар буолуом. Көҥүллээтэххинэ эрэ кэпсиир буолуом".

  Зверева Нина, Иконникова С., Сторителлинг. Как стать популярным и легко заводить друзей. - М. Клевер-Медиа-Групп, 2020. — 152 с.: ил.