Аат
Аат -
Манна сыыһыаннаах сомоҕо домохтор
уларыт- Ааккын алдьат
- Ааккын билбэт буол
- Ааккын ааттатар киһилэн
Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро
уларыт- Аат бөҕө алдьанна, сурах бөҕө сууйулунна.
Уус-уран айымньыга
уларытУрут күөгэйэр күнүгэр таҥара буолан олорбута: аҕабыт оҕону сүрэхтиирэ, кини улаххан дьону сүрэхтиирэ. Аҕабыт ааттаабыт аата кумааҕыга эрэ сылдьара, кини ааттаабыт аата үс дойдуну бүүрүүкүү барара, устуллубат тирии буолара, суоруллубат сыбах буолан сыстара. Кини ааттаабыт аата сороххо, хаатырга бэчээтин курдук, саатар-кыбыстар мэҥ буолан сыстара, сороххо, кыһыылаах умунах курдук, сааһын туххары сүрэҕин уонна суобаһын тарбатар дьаат өлүү буолан иҥэрэ. | |
— П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Бичик: 2003, Дьэбэрэттэн тахсыы. С.158 |
Дьэ онон, Хабырылла аҕата биллибэт... Кини аҕатын билбэт, араспаанньата суох, ол оннугар хос ааттарынан дэлэй... Арай ити "Халлаан Хабырыллата" диэн ааты ылыммат мөккүөрдээх. Бу аат кини дьоҥҥо тэҥэ суоҕун, аҕата суоҕун, ийэтин муҥнаах олоҕун өйдөтөр. Ол иһин Хабырылла бу ааты иһиттэр эрэ, көрдөөх-нардаах бэйэтэ кэлиэх-барыах сирин булбат, хараҕынан тугу да таба көрбөт буолуор диэри кыыһырар. | |
— Эрилик Эристиин. Атаҕастабыл |
- Аааккын уонна араспаанньаҕын кумааҕыга илии баттаан суруйарга үөрэтиим эрэ... Сөбүлэһэҕин дуо? | |
— Николай Якутскай. Адаҕа. Якутскай, Кинигэ издательствота: 1982. С.6 |