Ийэ (иньэ, иjэ, иҋэ)

Сомоҕо домохтор

уларыт
  • Ийэ-аҕа ырыатын ыллатта (Бэркэ ааттаһыннарда-көрдөһүннэрдэ)
  • Ийэ кут (Ийэ кут тыыннаах буолуу (киһи дууһатын) төрүтүнэн буолар диэн өйдүүр былыргы саха)
  • Ийэтин хамыйаҕыттан сыстыбыт (Ийэттэн куһаҕаны утумнаабыт, ийэтин куһаҕан өттүн баппыт)
  • Ийэттэн төрүү сыгынньах (Букатын таҥаһа суох, ньылбы сыгынньах)
  • Ийэ-хара көлөһүнэ таҕыста (саба түстэ, тоҕунна) (Улаханнык тириттэ)

Ийэ туһунан бэргэн этиилэр

уларыт
  •  

Дьахтарга ийэ буолуу дьиҥнээх иэйиитэ,айылҕаттан бэриллиитэ кини киһи буолуоҕуттан олохсуйар

  Николай Босиков, Хабырыыл Торотуойап "Эҕэрдэлэр,оонньуулар,бэргэн этиилэр" кинигэтиттэн. Дьокуускай:Бичик,2013.
  •  

Биэспитигэр да,биэс уоммутугар да биирбит эбээт биһиги ийэлэргэ...

  Амма Аччыгыйа, Хабырыыл Торотуойап "Эҕэрдэлэр,оонньуулар,бэргэн этиилэр" кинигэтиттэн. Дьокуускай:Бичик,2013.
  •  

Оҕоҕо төрөппүт ийэ эмнэрбит үүтүн, биэбэйдээбит биэбэйин, таптаабыт тапталын киһи кыайан сыаналыан сатаммат

  Суорун Омоллоон, Хабырыыл Торотуойап "Эҕэрдэлэр,оонньуулар,бэргэн этиилэр" кинигэтиттэн. Дьокуускай:Бичик,2013.
  •  

Киһиэхэ бу Орто дойдуга оҕотуттан ордук күндү,ама,туох баар буолуон сөбүй?!

  Далан, Хабырыыл Торотуойап "Эҕэрдэлэр,оонньуулар,бэргэн этиилэр" кинигэтиттэн. Дьокуускай:Бичик,2013.

Ийэ туһунан хоһооннор

уларыт
  •  

Ийэлэр диэн тыллар дьиктилэр
Ийэлэр диэн тыллар сүдүлэр,
Ийэлэр эриэккэс кэрэлэр
Туохтааҕар да ураты күндүлэр.
Ийэлэр бары сир дойдуга
Оҕону бүөбэйдээн иитэллэр,
Ийэлэр күннээҕэр сырдыктар
Уоттааҕар ураты сылаастар.


  •  

Амарах, сайаҕас майгылаах
Иһирэх күндүчээн ийэни
Олустук таптыыбыт биһиги.


  •  

Ийэлэр барыны сатыыллар
Ийэлэр барыны билэллэр
Ардыгар мунар да күннэригэр
Өрүүтүн баар буолуо аттыгар.

  — [[]]


  •  

Ол иһин, оҕолор мэлдьитин
Умнумаҥ эһиги олоххут
Ийэттэн тутаахтаах буоларын,
Хаһан да, ханна да буоллрагыт
Өрүүтүн баар буолуо аттыгар.

  — [[]]


  •  

Ол иһин таптыыр сирбитин
Ийэ дойду диэн ааттыыбыт
Күндүттэн күндү диирбитин
Ийэҕэ тэҥнии сатыыбыт.

  — [[]]


  •  

Тупсаҕай таҥаһы кинилэр тигэллэр
Сууйаллар, сотоллор
Ыраастык чэбэрдик
Дьиэлэрин туталлар.

  — [[]]


  •  

Күн сирин үрдүгэр
Күн курдук саныырбыт,
Күндүттэн күндүбүт
Күн күбэй ийэбит
Биһиги маамабыт.


  •  

Амарах сүрэхтээх
Аһыныык дууһалаах,
Сайаҕас санаалаах
Сымнаҕас майгылаах
Биһиги маамабыт.


  •  

Үөрэрдиин үчүгэй
Күлэрдиин бэһиэлэй,
Көрөрдүүн минньигэс
Тыынардыын ичигэс.


  •  

Биһиги маамабыт
Өрүүтүн үлэлээх
Өрүүтүн түбүктээх
Бэрийэр, харайар


  •  

Ийэм кэлиэн иннинэ
Хоһум иһин хомуйуом,
Ийэм кэлиэн иннинэ
Иһиттэри мин сууйуом.

  •  

Мин ийэм күн курдук ылаарыа...

Ийэ туһунан ырыаҕа

уларыт
  •  

Күн көрүө — от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй?
Күөх сирэм күкээриэ.
Ол тэҥэ — күн тэҥэ
Эн ийэҥ, мин ийэм.
Ийэтэ суох иинэн,
Иһийиэ сир ийэ.

  Эллэй тылларыгар Ольга Иванова ырыатыттан
  •  

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕыҥ ийэни!

  Эллэй тылларыгар Ольга Иванова ырыатын хос ырыата