Василий Семенович Яковлев – Далан

Суруйааччы «Дьылҕам миэнэ» роман-эссетыгар хайдах репрессияҕа түбэһэн эрэйи көрбүтүн, хаайыы олоҕун-дьаһаҕын киһини долгутар гына суруйар. Далан романын «Учууталлар» диэн чааһыгар хаайыыга сытан көрсүбүт учууталларын туһунан сүрдээх истиҥник суруйбут. Бу манна икки учуутал туһунан кэпсэнэр: Прокопий Данилович Яковлев – кырдьаҕас уонна Михаил Платонов – эдэр.

Прокопий Данилович Яковлев туһунан Далан маҥнай дьон саҥатыттан арыгыһыт, охсуһуук киһи диэн билэр эбит. Онтон хаайыы быыьыгар көрсөн, чугасыһан, итэҕэйэн, эрэнэн кэпсэтэр, аҕатын кэриэтэ саныыр киһитэ буолбута. «Прокопий Данилович мин ордук сөбүлээбитим, ытыктаабытым диэн кини дьиҥнээх былыргы буһарыылаах-хатарыылааах интеллигенин иһин, суобас, чиэс, майгы-сигили ырааһа киниэхэ баарын иһин» - диэн ахтан суруйар. Дьон кырдьаҕас учууталы бандьыыты курдук кэпсиирэ, онтон Далан бэйэтэ ыйыппытыгар «Мин кырдьык иһин охсуһабын» - диэн эппиэттиир. Прокопий Данилович репрессияҕа түбэспит буруйа диэн киһи күлүөҕэр диэри малааһыныгар Ленин мэтириэтэ алдьаммыт эбит. Кини следователлэр доппуруостарыгар бэйэтин иннитин, кырдьыгын иһин кыайыаҕар диэри кыргыспыт.

Эдэр учуутал Михаил Николаевич Платонов эмиэ репрессияҕа түбэһэн хаайыыга киирэн Даланы кытта көрсүбүт. Далан суруйар: «Саҥа дьоннор кэллэллэр эрэ ону-маны истээри, сонургуур үгэспитинэн биһиги саба түспүппүт. Аҕыйах саха быыһыгар аргыый сыыйан саҥарбыт бүтэҥи куоластаах, тула өттүн хайдах эрэ сүөлүргүүрдүк, күлүү гыммыттыы көрүтэлээбит хатыҥыр киһи баара». Бу Миша Платонов эбит, Хаҥаластааҕы Ой оскуолатын нуучча тылын учуутала. Кини оҕо эрдэҕиттэн ыарахан олох оскуолатын барбыт, ол туһунан «Жизнь Миши Платонова» уон түөртээх уолчаан хайдах эрэйдэммитин туһунан республиканскай хаһыакка тахсыбыт эбит. Онтон кэнники үөрэхтэнэн, кэргэннэнэн, ыал буолан саҥа үчүгэйдик олорон истэҕинэ репрессияҕа түбэһээхтээбит. Миша Платоновы ыар олоҕо хадаар өһөс гына ииппит. Ол иһин Березовскайдаах Филиппов араастаан онон-манан киирэн-тахсан сордообуттарын да иһин адьас бэриммэтэх.

  • «Мин хаайыыга көрсүбүт ити икки кырдьаҕастаах эдэр саха учууталларынан, кинилэр муҥура суох былаастаах МГБ органнарыгар бэриммэтэх, сүрдэрэ тостубатах, ыарыһах, дьарамай бэйэлэригэр холооно суох кытаанах, эрдээх быһыыларынан киэн туттуох санаам кэлэр».
  • Суруйааччы – нация өйө-санаата, культурата, суобаһа буолар, онон айар үлэбит уҕараабатын, литература дьадайыыта – норуот трагедията буолуон сөп.
  • Өбүгэлэр ситимнэрэ быстыа суохтаах, оҕолор аҕаларын суолларын салҕыахтаахтар. Аҕалар ситэ оҥорботохторун кинилэр оҥоруохтаахтар. Олох диэн оннук.
  •  

Далан, мин өйдуурбунэн, кырдьык да улуу киһи этэ. Саха суруйааччылара суол үктуүү илик халыҥ хаардарын модун күөнүнэн тоҕо силэйэн, хаһан да тибии типпэт суолларын оҥордо. Биири эрэ буолбатах, ол иһин элбэх ахсааҥҥа туттабын.

  Е.Е. Алексеев