Суруйааччы
Суруйааччы - уус-уран литература айымньытын суруйар киһи.
Суруйааччы туһунан
уларытБиһиги, суруйааччылар, үөрүүнү суруйдахпытына, хайаан да күн үтүөтэ күлүмүрдүү көрөн, күөрэгэй бэрдэ көрүлүү ыллаан эрэр буолар. Хаар-самыыр, күһүҥҥү сипсиэр тыал, киэһээҥи барык хараҥа - барыта, арай, хомолтобутун хоһуйдахпытына биирдэ эмэтэ муох табах буруотунуу унаарыс гынан ааһар... | |
— Амма Аччыгыйа, Сэһэннэр, кэпсээннэр, ахтыылар. Үүт уонна күн. / - Дьокуускай:1986, С. 374 |
Суруйааччы норуокка оруолун Кулаковскайдыы толоруохха наада. Норуот олоҕунан олорон, норуот наадатын толкуйдаан, норуот өйдүүр, ылынар тылынан саҥаран, суруйааччы буолар сыччах соҕотох суоллаах. Ол суолу Өксөкүлээх оҕонньор биһиэхэ аспыта, кэрбэҥ анньыбыта… | |
— Бүөтүр Тобуруокап |
- "Суруйааччы - элбэх, айааччы - аҕыйах".
| |
— Ойуунускай П.А. |
"Ойуунускай сөҕөрө диэн, норуот ураты талааннаах эбит буоллаҕына, тоҕо оннук таһымҥа тахсар кыаҕа суоҕуттан". | |
— В.Б. Окорокова, Литературнай кириитикэ сайдыытыгар оруола//Ойуунускай. - Дьокуускай: Ситим, 2013, С. 368 |
"Саха суруйааччыта урукку өттүгэр сахалыы ааҕар дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах курдук кыараҕастык өдөнөрүн оннугар - советскай литература бүтүннүүтүн биир учаастагар айар, үлэлиир киһи курдук сананара чуолкайдаммыта, дириҥээбитэ". | |
— Амма Аччыгыйа, М. Горькай төрүттээбит үтүө үгэһэ//Киһи уонна айымньы / - Якутскай:1975, С. 387 |