Айан
Айан туһунан.
Манна сыыһыаннаах сомоҕо домохтор
уларыт- Кынатын куурдубут - айанныырга бэлэм туһунан этиллэр.
Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро
уларыт- Суол сурахтаах, аартык ааттаах.
- Тимир иҥэһэлээхтэр тиэстибиттэр, алтан иҥэһэлээхтэр айгыстыбыттар.
- Тилэхтээх тиэстибит, атахтаах айгыстыбыт.
- Суол сылаалаах, көс эрэйдээх.
- Сылдьар да сылаалаах.
- Сылдьар да сыа буолбат.
- Айанныыргар аһы, бараргар маһы бараама.
- Уларыйыам диэн уугун бараама, барыам диэн маскын бараама.
- Айан аргыһы таптыыр.
- Айан киһитэ аргыһы таптыыр.
- Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.
- Көрдөөх аргыс суолу кылгатар.
- Суол киһитэ дьүккүөрдээх.
- Суол киһитэ тутулуктаах, айан киһитэ тардылыктаах.
- Айан киһитэ аас, суол киһитэ тутуах, сырыы киһитэ сылаамсах.
- Сылайбыт акка үүнэ да таһаҕас.
- Барары тардыма, кэлэри бүөлээмэ.
- Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар.
Айан, айан туһунан
уларытАйан киһитэ дьиэ сылааһын, |