Сомоҕо домохтор уларыт

  • Суола сабыллар - соругун сиппэтэх
  • Суола сойбут (тоҥмут) - өлбүт, сүппүт.
  • Суолга тур (Айаҥҥа бар, аттан)
  • Суолга түбэһэн (1. Суут уурааҕынан буруйданыы, 2. Ханнык эбит түбэлтэҕэ түбэһэн, түбэлтэни көрсөн)
  • Суолла биэр (Утары иһээччини аһараары, суолтан туораан биэр)
  • Суол төрдүгэр киллэр (Суол арахсыытыгар барар суолун ыйан биэр)
  • Суол туруута (Сир, уу тоҥон, кыһыҥҥы суолунан сылдьыһыы буолуута)
  • Суол (суолла) үктээ (үктэт) (Тоҥуу хаарынан (киһи сылдьыбатах сиринэн) сылдьан, суолла таһаар)

Өс хоһоонноро уларыт

  • Суол доҕордоох, айан аргыстаах.

Уус-уран айымньыга уларыт

  •  

Бэс ыйын, от ыйын кумаардаах куйаас сарсыардаларыгар Мутукчатыгар кэлэр дьоллоох суола төннөрүгэр сор суолугар кубулуйар. Оччоҕо балтараа көстөөх суол уунан-уһаан үс көс буолар. Ойуур суолун силиһэ-мутуга элбиир, уута, оҥкучаҕа дириҥиир.

  Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай: Бичик, 2004. С.36