Дьолго сыһыаннаах сомоҕо домохтор уларыт

  • Дьоло билиэ

Дьолго сыһыаннаах өс хоһоонноро уларыт

  • Балык ыамнаах, киһи күннээх
  • Күнүм буолла: күөнэҕим таҕыста
  • Күнэ да күөнэҕэ да буолбут
  • Күнүм буолла: күөрэгэйим ыллаата
  • Көтөр кынаттаах көтөргө, киһи дьолго ананан айыллыбыттар
  • Уол оҕо дьолун туох да билбэт
  • Дьол хараҕа суох
  • Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах
  • Дьоллоох киһи бириэмэни билбэт

Айымньыттан быһа тардыылар уларыт

  • Оо, Татыйаас!.. Көмүһүм сыыһа!.. Тыыныҥ быстаары сытан, уҥуох-тирии илиигинэн илиибин бобута тута-тута: "Иһит, доҕоччуок, мин эйиэхэ кыра да хом санаата суох баран эрэбин... Төһөтүн да иһин мин эйигинниин дьоллоохтук олордум..." диэхтээбитиҥ. Ол түүн, халтаһаҕын сабан баран, ампаар кэтэҕэр соҕотох олорон, ити тылларгын саныы-саныы, ытамньыйан ылбытым. Миигин уоскутаары эттэҕэ диэх курдук санаан аһарбытым маҥнай. Кырдьыга да, мин эйиэхэ мааны таҥаһы таҥыннарбытым да ахсааннаах буолуо. Эгэ көмүс киэргэл-той кэтэрдэн үөрдэр кэлиэ дуо? Ол да буоллар эн кыларыйан турар кырдьыккын эппитиҥ. Дьол диэн - бэйэ-бэйэни үчүгэйдик санаһан, тиһэҕэр тиийэ эрэнсэн-итэҕэйсэн, биир эт-хаан буолан олоруу. Дьол диэн - бар дьону кытта бииргэ үлэлээн, бииргэ эрэйдэнэн, бииргэ үөрсэн, хомойсон, ытыктабыл үөһүгэр сылдьыы. Дьол диэн - оҕолор, сиэннэр. Ама мин эйигин таптаабатах, эйигин итэҕэйбэтэх бэйэлээх буолуом дуо. Дьонугар-сэргэтигэр эн курдук ытыктанар дьахтар ахсааннаах ини...

- Софрон Данилов. Бааһына

Хоһооннортон быһа тардыылар уларыт

  •  

Дьолу мин уларсабын
Дьоллоох дьон ырыатыттан,
Мин кинини булабын
Эн үөрэр хараххыттан.

  — Дьол, Семен Данилов


  •  

Дьоллоох олоҕу тэрийбэккин үөһэттэн,
Дьолу тутар анал бэриллэр Эйиэхэ.

  Гавриил Адамов. Үтүө баҕа санаам миэнэ.2014.
  •  

 Тот күҥҥэ дьол суолтатын
Толкуйданыллыбат даа эбит,
Үчүгэй күҥҥэ үтүө төрдүн
Өйдөнүллүбэт даа эбит,
Эдэр, элиэр эрдэххэ
Этэҥҥэ олорор эргимтэтин
Эгэлгэлээн билиллибэт даа эбит!...

  А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Эр аһыыта.- Якутскай, 1978, С. 187