Өксөкүлээх Өлөксөй (Алексей Елисеевич Кулаковскай) - саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, суруйааччы, бэйиэт, бөлөһүөк, уопсастыбаннай дьайыксыт.

Айымньыларыттан уларыт

  •  

Нуучча ньургунун кытта
Туруулаһар доҕор буол,
Саха талыытын кытта
Самдайдаһар атас буол

  — Оттоку олох алгыһа
  •  

Үрдүк үтүө аатыҥ
Үйэттэн үйэҕэ диэри
Үрүҥ күн анныгар
Өһүккэ-омукка
Үргүлдьү сүүрэн,
Өс хоһоонугар киириэхтин...

  — Оттоку олох алгыһа
  •  

Үгүс үөрүүлээх күннэн,
Уһун уруйдаах олохтон,Салпат саргылаах саастан!

  — Оттоку олох алгыһа
  •  

Үс үллэр үөстээх
Өрүскэннээх сүүрүктээх
Өрөгөйдөөх Өлүөнэ өрүс хотун

  — Өрүс бэлэхтэрэ, Хачыкаат, 1909
  •  

Үпкэ үлүһүйэн
Үтүө быһыыларын,Үҥэр таҥараларын,
Үҥсэр сууттарын
Өйдүөбэт буоллулар,
Үлүмнэһии турда,
Өлөрсүү үксээтэ...

  — Өрүс бэлэхтэрэ, Хачыкаат, 1909
  •  

Аны биирдэ дьүһүн кубулунан,
Быста-быста салҕанан,
Тимирэ-тимирэ күөрэйэн,
Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ.

  — Ойуун түүлэ, 1910
  • Сэттэ кэрэх этиттэн маппыт Тэлээһэйгэ дылы.
  •  

Айыҥат хаан аймаҕа
Аан ийэ дайдыны
Айар күнүгэр,
Икки атахтааҕы
Ийэ сиргэ
Кэскиллиир күнүгэр,
Урааҥхай дьону
Орто дойдуга
Олохтуур күнүгэр, -
Хохуоралаах тыллаах
Хоҥкунас тыастаах,
Холобура суох хоһоонноох
Хомус барахсаны
Хомуһуннаан айбыта үһү...

  — А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Хомус.- Якутскай, 1978, С. 216


Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан уларыт

  • Алексей Елисеевич Кулаковскай…Саха литературатын саҕалаабыт киһи…Кини историческай өҥөтө уонна суолтата уһулуччу улахан. Ол туһугар киниэхэ биһиги ытыктабылбыт уонна махталбыт муҥура суох буолуох тустаах… Амма Аччыгыйа
  • Саха норуотун суругунан айар тылын уотун аан маҥнай оттубут, уус-уран тыл имэҥнээх илбиһин төлөнүн күүдэпчилэтэ күөртээбит Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй буолар… Алексей Кулаковскай ийэ дойдутугар, төрөөбүт норуотугар бүтүн олоҕун биэрэн туран айбыт поэзиятын, научнай-чинчийэр үлэтин географията оччотооҕу кэм кыаҕар холобура суох киэҥ уонна баһархай далааһыннаах. Алексей Кулаковскай нуучча литературатын дьоһуннаах айымньыларын этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар иҥэриммит сүгүрүйээччи, ытыктааччы, нуучча уонна саха норуоттарын историческай сибээстэрин итиэннэ үтүө үгэстээх тулхадыйбат доҕордоһууларын төлөннөөх пропагандиһа этэ… Василий Протодьяконов – Кулантай
  • Суруйааччы норуокка оруолун Кулаковскайдыы толоруохха наада. Норуот олоҕунан олорон, норуот наадатын толкуйдаан, норуот өйдүүр, ылынар тылынан саҥаран, суруйааччы буолар сыччах соҕотох суоллаах. Ол суолу Өксөкүлээх оҕонньор биһиэхэ аспыта, кэрбэҥ анньыбыта… Петр Тобуруокап
  • Өксөкүлээх Өлөксөй … Кини мин айар үлэбэр сабыдыала диэн баар буоллаҕына – ол төрөөбүт төрүт норуотум уус тылын умсугуйа таптыырга уруттаан уһуйбута буолар. Леонид Попов
  • Өксөкүлээх Өлөксөй – аан маҥнайгы бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллибит саха ырыаһыта-хоһоонньута, айар тыл аҕата…Кэнники кэлэр дьылларга саха үөрэҕин, саха тылын үөрэтэр дьоннор Өксөкүлээх Өлөксөй үйэтэ оннук этэ диэн, туспа бэлиэтээн ааһыахтара. Сурукка суруллубут тыл үгэһэ, тыл хоһооно, айар санаа илбиһэ Саха сиригэр Өксөкүлээх үйэтиттэн ыла үөскээбитэ диэн бары этиэхтэрэ. Б. Ойуунускай
  • …Алексей Елисеевич төрөөбүт норуотун тылынан киэҥ социальнай уонна философскай ис хоһоонноох айымньылара олохтоох саха эрэ норуотугар сыһыаннаах буолбатаҕа. Ити эвенкилэргэ, эвеннэргэ, юкагирдарга уонна чукчаларга барыларыгар сыһыаннаах этэ… Платон Ламутскай
  • …А.Е. Кулаковскай – хайа да киһи туохтан да бастатан Ийэ дойдутун, бар-дьонун, норуотун иннигэр бэйэтин олоҕун олорчутун аныах тустаах диэн, тус бэйэтин, кылгас гынан баран, улахан олоҕунан толору бэриниилээхтик холобурдаан, биһиэхэ ытык кэриэһин хаалларбыта… Суорун Омоллоон
  • Өксөкүлээх Өлөксөй – саха маҥнайгы национальнай поэта, сүдү ырыаһыта… Күннүк Уурастыырап
  •  

Кулаковскай хоһооннорун тылбаастыыр дьиҥнээх үөрүү этэ...

  — Истинной радостью было работать на стихами Кулаковского... Солоухин Владимир Алексеевич, Өксөкүлээх бастакы тылбаасчыта
  •  

Кулаковскай айар үлэтэ олоччу сахатын омуга сайдан көхтөөх олоххо киирэригэр, омук быһыытынан бэйэтин билинэригэр ис сүрэҕиттэн иэйэн-куойан ыҥырыы буолар.

  Солоухин Владимир Алексеевич, Вся поэзия Кулаковского — это страстный призыв к просвещению якутов к их общественной активности, к национальному самосознанию.
  •  

Кулаковскай: омук омугу ахсаан өттүнэн симэлитэр куттала революция да кэнниттэн бэрт өр ааһыа суоҕа диэбит тыла билигин да тиллэ турар... Кулаковскай тыыннаах!

  — Саха суруйааччылара, 1994
  •  

Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэмаҕа киллэрбит өтө көрүүлэрэ өссө хас үйэни уҥуордуохтара биллибэт.

  — Саха суруйааччылара, 1994
  •  

А.Е.Кулаковскай норуотум иннэ диэн олорон ааспыт киһи. Олоҕун сүнньэ — ити. Ити суолтан кини олоҕун биир да мүччүргэннээх түгэнигэр туораабатаҕа.

  — Саха суруйааччылара, 1994