Киһи, кыыл-сүөл айаҕа.

Сомоҕо домохтор уларыт

  • Айаҕа хам буолбат (саҥата суох олорбот, тугу эрэ саҥара, кэпсии сылдьар)
  • Айаҕар ас киирбэт (Ыалдьан, санаарҕаан аһаабат)
  • Айаҕа суох (1. Саҥарыа суоҕу саҥарар 2. Ас баар буоллаҕына, астаах сиргэ киирдэҕинэ кыайан аһаабат буолан хаалар)
  • Айаҕа хайдыаҕынан (Аһара улаханнык)
  • Айаҕа хам буолбат (Саҥата суох олорбот)
  • Айаҕа хараарар (Мэлдьэһэр, букатын билиммэт)
  • Айаҕын абатын, тумсун тууһун (Өһүргэнэн, абарбыт киһи тыла)
  • Айаҕын биэрбэт (Салайыыга кыайтарбат (ат))
  • Айаҕын булунар (Аһыыр аһын булунар)
  • Айаҕын бүөлээ (Бэлэҕинэн, бэригинэн толунан, саҥарыллартан сэмэлэнэртэн быыһан)
  • Айаҕын ииттэр (Айаҕын булунар курдук)
  • Айаҕын муҥунунан (Улаханнык айдааран)
  • Айаҕыҥ хатаарай
  • Айаҕыттан таһаарарыгар харбат (Быдьар тыллаах)
  • Айах адаҕата (Көдьүүһэ суох иитиллээччи)
  • Айах көҕүрүүр (Көдьүүһэ суох иитиллээччи өлөн биитэр баран, иитийэх ахсаана аҕыйыыр)
  • Айах тарҕатар (Тиийиммэт-түгэммэт киһи кэргэнэ ыалга хонон-өрөөн, арыт өр бириэмэҕэ олорон иитиллэрин этэллэр)
  • Айахтааҕы атыппат (Уус тыллаах, мөккүһэн кими да тулуппат, саҥарбат)
  • Айах тут (Ытыктаа, күндүлээ)
  • Айахха астарда (Саҥата суох, ах барда)
  • Айахха киирбиччэ (Түбэһээрэй, толкуйдаабакка саҥарар)
  • Айахха тиийэр (Киһи, сүөһү аһылыгар үп-ас, от-бурдук тиийэрин-тиийбэтин туһунан этии)
  • Айах үрдүн охтор (Ыһыахха кымыһы иһэргэ бастакы айаҕы иһэн саҕалыыры этэллэр)
  • Айах ыла аҕа (Кыранан аҕа)

Өс хоһоонноро уларыт

  • Илии хамнаатаҕына айах хамныыр.

Эбии көр уларыт