Анатолий Игнатьевич Слепцов - саха суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Киһи дьон сүрэҕэр суол хаалларар буолан Киһи дэнэн эрдэҕэ.

  — Тиэрэ бырах. - Дьокуускай: Бичик, 2012, с.9
  •  

Кэс тылтан маппыт эрээри, бэлэскэ силлэппит буоллаҕым дуу?..

  — Тиэрэ бырах. - Дьокуускай: Бичик, 2012, с.93
  •  

Аттыбар сылдьар биир идэлээхтэрбин көрдөхпүнэ, туох эрэ ураты күүһү сүрэхтэригэр илдьэ сылдьар дьон эмчит буолаллар быһыылаах дии саныыбын.

  — Тиэрэ бырах. - Дьокуускай: Бичик, 2012, с.94
  •  

Айанньыттар барар сирбит биир, суолбут биир... Хаамыыбыт арыый араастаах...Сүгэһэрбит арыый уратылаах... Олохпут эмиэ маннык буоллаҕа - идэбитинэн туспа дьоммут, майгыбытынан маарыннаспаппыт, ол эрээри, бииргэ баран иһэбит.

  — Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.56
  •  

Мин Тааттабын, мин төрдүм бу сыыппараттан саҕаланар...

  — Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.13
  •  

Дойдуга таптал сүлүһүн тыллаах өрөгөй ырыатыттан, сиэдэрэй оһуордаах-мандардаах дуоҕаттан-былаахтан саҕаламмат.

  — Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.6
  •  

Силиһэ суох дьон дойдубутун барытын өтөххө кубулуппаттар дуо?

  — Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.74