Булт- Сахалар былыргы аhаан олорор үгэстэрэ

  •  

Биhиги, саха дьоно, былыр-былыргыттан аар тайҕа маанылаах оҕолоро ааттаан кэлбиппит. Ол да иhин бу орто дойдуга торүөхпүтүуттэн Баай Байанайы кытта доҕордоhон, сир-дойду, от-мас иччилэригэр сүгүрүуйэн, алгыс тылын этэн, үтүө санаабыт бэлиэтин бэлэх-туhах хаалларар үгэстээхпит.(Баай Байанай бэлэҕэ: Дьокуускай, кытыл салама 2014, с35, Т.Н.Галактинова, А.А.Егоров, В.В.Егорова, Е.Е.Антонов, Е.Н.Баишев)

  •  

Бултааhын диэн уустук дьарык буоларын сүрүн идэ оностубут, уйаара-кэйээрэ биллибит киэн Саха сирин уhаты-туора хаампыт эрэ дьон билэллэр.Былыр-былыргаттан саха булчуттара Лаамы хайатыттан саҕалаан Илиҥҥи муораннан, Сахалиин арылларынан, Таас Дьааны туруктарынан, Бүлүү тукулааннарынан, Хотугу Муустаах байҕал арыыларынан, Амуур, Токко, Учуур, Халыма өрустэринэн, Дьэhиэй сирдэринэн сылдьаталаан үрүн эhэни, баабыры, күндү түүлээх арааhын бултааhан кэлбиттэрэ.(Баай байанай бэлэҕэ: Дьокуускай, кытыл салама 2014, с20, Т.Н.Галактинова, А.А.Егоров, В.В.Егорова, Е.Е.Антонов, Е.Н.Баишев).