Идэ - киһи аналлаах үөрэх көмөтүнэн баһылаабыт уустук дьарыга, соруга - дьоҥҥо туһалаах үлэни хамнас эбэтэр атын төлөбүр иһин оҥоруу.

Идэлээх буолуу туһунан уларыт

  • Хата

Бэрт улаханнык
Бэйэбиттэн кэлэнэрим
Биир суол баар.
Бачча сааспар дылы
Олорор олоххо
Ордук туһалаах,
Биир эмэ бэйэбэр
Иитиллэр идэни
Иҥэриммэтэх эбиппин.

А.И. Софронов-Алампа. "Аҕабар сурук".
  • Таптаатахха, сөбүлээтэххэ идэ барыта, дьоҥҥо туһалыыр идэ барыта үчүгэй. Кылаабынайа — үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Куһаҕаннык үлэлиир буоллаххына, ханнык да бэйэлээх үтүө идэ быыһыа cyoҕа.
Софрон Данилов
  • Хас биирдии идэҕэ аат-суол, чиэс диэн баар.
Эдьиий Дора
  •  

Уулаах (Уйбаан), төһө да дьүдьэх буолбутун иннигэр, акаары киһи буолбатах, хата кини өйтөн тахсар биир дьоһун идэлээх. Бу идэ - олоҥхоһут идэ буолар.

  Эрилик Эристиин. Кэриэс туолуута. 10 кылааска үөрэнэр хрестоматия. Бичик: 2009, С.224

Идэ, идэлээх буолуу туһунан өс хоһоонноро уларыт

  • Идэлээҕи кытта олоруоҥ - идэлээх буолуоҥ.
  • Идэлээх идэтиттэн өлөр.
  • Илдьэ барар идэм, кытта төрүөбүт кыдьыгым.