Олоҥхо - саха омугун уос номоҕо.

Олоҥхо туһунан этиилэр

уларыт
  •  

Олоҥхоһуттар норуот үтүөкэннээх учууталлара эбиттэр.

  Г.Н.Волков улуу педагог.

Олоҥхо туһунан уус-уран айымньыларга

уларыт
  •  

Күһүҥҥү кэммит күөйэн кэлэн
Хараҥа түүн өҥөйөн турда...
Дьикти боруҥуй, көрүҥ эрэ,
Дьикти олоҥхо суолун курдук.

  Уйбаан Арбита, Муҥурданыы.

Олоҥхоттон быһа тардыылар

уларыт
  •  

Сир ийэ барахсан
Симэхтээх сири иһит
Сиксигин саҕа эрдэҕиттэн
Сириэдийэн ситэн,
Тэлгэнэн тэрээдийэн,
Томтойо туоллан үөскүүрүгэр -
Тулхадыйыа диэн
Соҕуруу өттүнэн
Туналҕаннаах добун хайа тулааһыннанан,
Айгырыа диэн
Арҕаа саҕатынан
Аҥааттыбат Аҥаат муора дьайыҥнанан,
Холборуйуо диэн
Хотугу улаҕатынан
Будулҕаннаах муус муора модьоҕолонон,
Иэҕэҥниэ диэн
Илин өттүнэн
Имэҥнээх итии байҕал эҥэрдэнэн,
Хара байҕал хаймыыланан,
Күөх муора тулаланан
Күр муус түгэхтэнэн,
Сымара таас сытыктанан,
Хайыр таас хаппахтанан
Өҥ буор үрүттэнэн,
Дуй буор кырыстанан,
Сирэм от мэччирэҥнэнэн,
Синньэ дьэрэкээн бэйэкэлээх
Сибэкки бичик-оһуорданан,
Үгүс элбэх дьһүлгэннээх
Кэмэ суох киһи-сүөһү,
Халыҥ ахсааннаах хамсыыр харамай
Иилии чэчир симэхтэнэн,
Айыллан үөскээн турдаҕа.

  — Прокопий Ядрихинскай - Бэдьээлэ, "Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр" олоҥхоттон.